Тохсунньу 23 күнүгэр магнитнай буурҕа түһүөҕэ

Share

Тохсунньу 23 күнүгэр Саха сирин киин өттүгэр магнитнай буурҕа түһэр диэн метеорологтар биллэрэллэр. Ru-meteo.com саайт суруйарынан, бүгүн 2-тэн 5 баалга диэри күүстээх магнитнай буурҕа түһүөҕэ. Былыт суох буоллаҕына, бүгүн үгүс улуустарга дьүкээбили көрүөххэ сөп. 

Күн астрономиятын уонна гелиофизическэй прибордары тутуу лабораторията көрдөрбүтүнэн,  бүгүн сарсыарда диэкинэн 4 баал, күнүс 5 баал буолар, онтон сыыйа намтыыр.

Бу лаборатория сэбиэдиссэйэ Сергей Богачев эппитинэн, 2023 сылтан Күн актыыбынаһа күүһүрэн турар. Ол иһин элбэхтик дьүкээбиллэр көстөр буоллулар.  Онон 2025 сылга диэри кэмиттэн кэмигэр күүстээх эстиилэр буолуохтара.

2023 сылга 365 күнтэн 40 күҥҥэ магнитнай буурҕа буолбута. От ыйыгар эрэ биир да магнитнай буурҕа буолбатаҕа. Урут сылга уонча буурҕа түһэр буолара. 2024 сылга Күн актыыбынаһа өссө күүһүрэрэ күүтүллэр. Чопчу хаһан эстии тахсарын биһиги билгэлиир кыахпыт суох, — диэн кини эттэ.

Магнитнай буурҕа — бу Күн актыыбынаһыттан Сир геомагнитнай эйгэтин (поле) хамсааһына буолар. Геомагнитнай эйгэ Сири Күн радиациятыттан хаххалыыр, көмүскүүр.

Магнитнай буурҕаны 1-тэн 9 баалга диэри кээмэйдииллэр.

1-2 баал — мөлтөх хамсааһын, 3-4 — орто хамсааһын, 5-7 күүстээх буурҕа (күн-дьыл туругуттан тутулуктаах дьон доруобуйаларын туруга мөлтүөн, ыарыылара көбүөн сөп, ол эээри, үгүс дьон билбэккэ да хаалаллар), 8-9 баал — олус күүстээх буурҕа (араадьыйа долгуннарыгар, элэктэриичэстибэнэн хааччыйыыга, сибээскэ, навигацияҕа  мэһэйдэр, саахаллар буолуохтарын сөп). Дьолго, бу 8-9 бааллаах буурҕа олох сэдэхтик буолар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Хаартыска: Аллайыахаҕа хараҥаччыны илимтэн быыһаатылар…

Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Саха сирин күрэсчиттэрэ дрон күрэҕэр Уһук Илиҥҥэ чөмпүйүөннээтилэр

Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…

21 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэйгэ 17 саастаах оҕо массыынаны күрэтиигэ сыһыаннааҕын быһаардылар

Суһал иһитиннэриинэн  ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Күн Эко» — экологтары иитэн таһаарар!

Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ Бүлүүттэн сэттэ быыһааччы Өймөкөөҥҥө көмөҕө айаннаата

Халаантан эмсэҕэлээбит Өймөкөөн улууһугар көмөлөһөргө Үөһээ Бүлүүттэн сэттэ киһилээх мобильнай биригээдэ ыытылынна. Бу туһунан улуус…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик дьахтар полиция үлэһитигэр ытын киксэрэн буруйданна

Дьокуускай куорат борокуратуурата олохтоох дьахтар туһунан холуобунай дьыалаҕа буруйдуур түмүгүн бигэргэттэ. Кини РФ Холуобунай Кодексатын…

2 часа ago