Тохсунньу 6 күнүнээҕи гороскоп

Тохсунньу 6 күнүнээҕи гороскоп

Ааптар:
06.01.2025, 09:00
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ (СИА).
Бөлөххө киир:

Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ. Бу күн дьолу түстүүр.

Хой

Бүгүн хойдорго күүс-уох киирэр күнэ. Тугу барытын ситиһэр, кыайар-хотор кыахтааххыт. Саҥа дьыаланы саҕалааһын, идиэйэни олоххо киллэрии үтүө түмүктэрдээх буолуо. Күннээҕи сүбэ: санаабыккыт хоту иннигит диэки хардылаан.

Оҕус

Бүгүн ураты дьоллоох күн. Үп-харчы өттүнэн оҕустары эбиллии күүтэр эбэтэр бэлэх туттарыахтара. Туох эмэ саҥаны атыылаһар да, эргинэр да табыгастаах күн. Күннээҕи сүбэ: Тугу баҕарбыккын толору туһан.

Игирэлэр

Игирэлэри доҕордоһуу, билсиһии күнэ күүтэр. Ыҥырыктаах ыалдьыттыы тиийиэххит, ханна эмит айанныаххыт, ол кэмҥэ саҥа билсиһиилэр уонна үөрүүлээх көрсүһүүлэр күүтэллэр. Күннээҕи сүбэ: Саҥа сибээстэри олохтоо, инникитин туһалаах буолуоҕа.

Араак

Күҥҥүт олус таһаарыылаахтык саҕаланыа. Дьиэ кэргэҥҥитигэр үөрүүлээх түгэҥҥэ бэлэмнэниҥ. Дуоһуйуу, сынньаныы, бэйэ-бэйэни кытта сибээһи күүһүрдэргэ табыгастаах күн. Чугас дьоҥҥутун, дьиэ кэргэҥитин кытта бырааһынньыктааы киэһэни тэрийэн ыытыҥ. Күннээҕи сүбэ: Чугас дьоҥҥун кытта бииргэ буолуҥ.

Хахай

Айар күүс күүһүрүүр күнэ. Онон кытаатыҥ. Бу күнтэн ыла сөпкө күҥҥүтүн туһалаахтык атаардаххытына, бастатан туран санааҕыт өрө көтөҕүллүө, иккиһинэн, санаабыккыт барыта табыллыа. Күннээҕи сүбэ: Талааҥҥын арыйан тускар туһан.

Кыыс

Бүгүн эһиэхэ үлэҕитигэр да, дьиэҕитигэр да ситиһиилээх күн күүтэр. Үлэҕэ саҥа кыахтар, туох эмэ уларыйыы киирэрин туһунан иһитиннэриэхтэрэ, олоххун уларытарга атын аартыктар арыллыахтара. Күннээҕи сүбэ: Инникигин чопчу былааннаа.

Ыйааһын

Бүгүн ыйааһыннарга тапталга уонна доҕордоһууга дьоллоох күн. Сүрэх дьыалалара табыллыыны түстүүллэр. Эбэтэр доҕоттору кытта күүтүүлээх көрсүһүүгэ ыҥырыахтара. Күннээҕи сүбэ: Таптыыр дьоҥҥун үөрт, тугу эмэ бэлэхтээ.

Скорпион

Эһиги эрдэ туруоруммут сыалгытын-соруккутун толорорго бүгүн бэриллибит күүһү сөпкө туһаныҥ. Эрдэтинэ туруоруммут сыала ситиһиигэ былаанныыр, торумнуур наадалаах. Күннээҕи сүбэ: Инникигин эрдэтинэ сылыктаан көр.

Охчут

Туох эмэ саҥаны үөрэтэргэ, билиини хаҥаттарга дьоҕургут күүһүрүө. Айаҥҥа турунуоххут, саҥа үөрэҕи, уопуту ыларга, билиини ситиһэргэ дьулуһуоххут. Онон санаммыт дьыалаҕатын тута оҥоруоххут. Күннээҕи сүбэ: Саҥа билиини, уопуту ыларга дьулус.

Чубуку

Үлэҕэ ситиһиилээх тахсарга бэртээхэй күн үүммүт. Атын идэҕэ үөрэнэргэ тардыһыаҥ эбэтэр бу үлэҕэҕэр атын дуоһунаска үрдээһин күүтэр. Күннээҕи сүбэ: Үлэҕэр бэриниилээх сыһыаны эрэйэр.

Күрүлгэн

Күрүлгэннэр бүгүн олус көхтөөх буолуоххут. Тугу эмэ саҥаны арыйыы күнэ. Атын бырайыактары оҥорортон куттанымаҥ – барыта табыллыа. Күннээҕи сүбэ: Саҥаны айарга иннигит диэки баран иһин.

Балыктар

Бүгүн ылсыбыт дьыалаҕыт сотору олоххо киириэ. Балыктары иэйии күүһүрүүтүн күнэ күүтэр. Айар үлэҕэ ситиһиилэниэххит. Күннээҕи сүбэ: Иэйиигэр эрэн, түмүгэ кэлин биллиэҕэ.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
7 января
  • -33°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: