Тохсунньу дьиктилэрэ

Share

Кириһиэнньэ кэмигэр, тохсунньу 18-19 күннэригэр, таҥара дьиэтигэр иһиттээх тиийэн сибэтиэй ууну  ылыы, чардаат алларан ууга умсаахтаныы биһиги олохпутугар киирбитэ ыраатта.

Төһө да XXI үйэ дьоно буолларбыт, син биир тоҕо бу эрэ күннэргэ уу сибэтиэй буоларын дьиктиргиирбит тохтоо­бот. Онон бу күн ылыллыбыт ууну хайдах туһаныахха, иһиэх­хэ дуу, суох дуу? Туохха туттабыт, туохха туттар сатамматый? Чуолкай ханнык кэмҥэ ылар нааданый? Бу кэмҥэ кыраан уута кытта сибэтиэй буолар дуо? Арай сибэтиэй уум сытыйаары гыннаҕына, хайдах гынабын? Бу уу туһалаах диэн туохха олоҕуран этэллэрий? Сибэтиэй уу киһиэхэ хайдах дьайарый диэн ыйытыылар төрүү тураллар.

Таҥара дьиэтэ этэринэн

Бу ыйытыыларга таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ эрэ хоруй биэрэр кыахтаахтар. Онон «Православная жизнь» порталга архимандрит Спиридон (Ходанич) быһаарыыларыттан быһа тардан аҕалабыт. Кини этэринэн, таҥара дьиэтигэр уонна чардаакка сибэтии гыныллыбыт уу эрэ сибэ­тиэй буолар. Уу барыта сибэ­­тиэй буолбат, санаан да көрдөххө, кирдээх ууга Сибэтиэй Тыын хайдах сылдьыаҕай? Кириһиэнньэ күн сибэ­тиэй ууну ылыы IV үйэҕэ баара биллэр. Таҥара көстүбүт быраа­һынньыгар сылдьыбыт дьон ууну дьиэлэригэр аҕалан, сылы быһа тутталлара. Оччотугар эмиэ маннык ыйытыы үөскээн тахсар: ол күн уу барыта сибэтиэй буолар буоллаҕына, ол былыргы дьон дьиэлэригэр ама уулара суох үһү дуо, тоҕо ха­­йаан да хантан эрэ баһан аҕалыахтаахтарый? Онон архимандрит Спиридон этэринэн, мэлииппэнэн сибэтии гыныллыбыт эрэ уу сибэтиэй буолар, кыраан уута да барсыаҕа диэн өйдөбүлү таҥара дьиэтигэр эбэтэр чардаакка кэлиэхтэрин сүрэҕэлдьиир дьон тарҕаталлар, диир.

Оттон бу ыйытыыларга атын хоруйдар ханныктарый?

Ууну хантан ылабыт, хайдах харайабыт?

Таҥара дьиэтигэр ууну тохсунньу 18-19 күннэригэр сибэтии гыналлар. Ыраас, хаппахтаах, саҥа иһит буоллаҕына өссө үчүгэй, ордук хаппахтаах бытыылкалар, бааҥкалар барсаллар. Улахан иһити соһон аҕалар наадата суох. Дьиэҕэр баар улахан иһиккэ кыратык сибэтиэй ууттан кутан биэрдиҥ да ол ууҥ сибэтиэй буолар эбит. Ууну ыраас бүччүм сиргэ, икона аттыгар ууран туруорар ордук.

Хайдах туттабыт?

Кириһиэнньэ күн таҥара үлэһитэ мэлииппэ аахпыт буолан, сибэтиэй ууну күнү быһа а­һы кытта иһэ сылдьаҕын. Атын күннэргэ мэлиип­пэ ааҕа-ааҕа аччык искэ эрэ иһэҕин. Итиэннэ ыалдьаары гыннахха эмиэ оннук гыныахха сөп. Ону таһынан, ыалдьар сиргин уулаах илиигинэн кириэстии имэрийэҕин. Бу уунан дьиэҕин-уоккун сибэтии гынаҕын.

Сибэтиэй уу хантан эмискэ эмтиир, алгыыр күүстэнэн хааларый?

Ону биһиги кэммит дьоно, билимҥэ чугас турар дьон да этэллэр. Холобур, сибэ­тиэй Серафим Вырицкай аһыыр аскытын сибэтиэй уунан ыһа сылдьыҥ, ыарыйдаххытына остолобуой луосканан биирдии чааһы көтө-көтө иһэ сылдьыҥ диэн сүбэлиир эбит. Оттон таҥара үлэһитэ эрэ буол­бакка, өссө уһулуччу­лаах хирург-быраас Лука Войно-Ясенецкай: “Сибэтиэй ууну төһө кыалларынан иһэ сылдьыҥ. Мэдиссиинэҕэ уопуппуттан ылан этэбин”, – диир эбит.

Сибэтиэй уу хайдах дьайа­рый?

Дьэ манна балаһыанньа уустугурар. Экстрасенстар ииппит ууларын курдук, сибэ­тиэй ууну ылан истиҥ, дьиэҕин-­уоккун ыһыахтаатыҥ да барыта үчүгэй буолар диэн буолбатах. Хайаан да таҥараны ис сүрэххиттэн итэҕэйэр, аһыныгас санаалаах, о.д.а. буоллаххына биирдэ күүһэ киирэр, эт-хаан, өй-санаа ыарыытыттан, муҥуттан эмтиир, босхолуур, хара дьайтан араҥаччылыыр, үтүөҕэ сирдиир буолар эбит.

Сибэтиэй уу буорту буолар дуо?

Бу уу төһө да атын уунан суурайбытыҥ иһин буорту буолбакка турар холобурдара элбэхтэр. Оттон арай буорту буолар да түгэнигэр раковинаҕа, сиргэ таах тоҕон кэбиспэккин. Киһи, ыт тэпсибэт сиригэр, күөлгэ, өрүскэ, сибэкки иһитигэр, мас төрдүгэр куталлар.

Билим туох диирий?

Билим үлэһиттэрэ эмиэ ­анаан-минээн чинчийэн-кэтээн көрөллөр эбит. Холобур, кэтээн көрбүттэринэн, Кири­һиэнньэ күн уу водородын ыйааһына (рН) 22% уонна электричествоны аһарыыта 3% үрдүүр эбит. Бу дьиктини Сир уонна Күн гравимагнитнай дьайсыыларын түмүгэр тахсар диэн эппиттэр.

Ону таһынан А.Н. Сысин аат. Тулалыыр эйгэ гигиенатын уонна киһи экологиятын билим-чинчийэр институтун лабаратыарыйатыгар кы­­раан уутун ылан кэтээн көрбүттэр. Тохсунньу 17 күнүттэн исписэлиистэр ууга ион-радикаллар таһымнара үрдээн барбытын бэлиэтии көрбүттэр. Иитиллибит частицалар ахсааннара рН кислотноһын көрдөрүүтүн кытта тэҥҥэ улаа­тан барбыттар. Саамай элбээбит кэмнэрэ тохсунньу 18 күнүн киэһэтигэр диэри бэлиэ­тэммит. Көннөрү уу биир тэҥ структураланан хаалбыт. Оттон чинчийии бара турар уутугар организмы тыыннаах буоларын хааччыйар химическэй реак­циялар, чуолаан быччыҥ, ньиэрбэ, о.д.а. килиэккэлэри хааччы­йар органическай холбоһуктарга бырассыас бөҕө бара турарын булан ылбыттар. Тохсунньу 19 күнүн сарсыардатыгар уу электромагнитнай свойстволара аччаан, тохсунньу 20 күнүгэр урукку чөлүгэр түспүттэр. Уу тоҕо маннык уларыйарын учуонайдар, косми­ческай бырассыастар, магнитнай буурҕалар сабыдыалларынан буолар диэн быһаараллар.

Сүллүүкүн кэлии күтүр дуо?

Саха итэҕэлинэн тохсунньу 12 күнүгэр ойбонтон сүллүүкүттэр тахсаллар. Бастаан дьиэни-уоту булар, оһох оттор хамначчыттар, онтон 14 чыыһылаҕа оҕолуун-уруулуун бука бары көһөн күккүрээн тахсаллар. Сүллүүкүнү кытта көрсүһүү, хаартылааһын, оннооҕор аныгы кэмҥэ алтыспыттарын туһунан сымыйата-­кырдьыга биллибэт кэпсээннэр хара баһаамнар. Бу хантан кэлбит күтүрдэрий?

Нуучча сирин хоту өттүгэр шиликуннар диэн кыракый дьоннору ааттыыллар эбит. Кинилэр эр киһи сутуругун саҕа кыралар, хороҕор төбөлөөхтөр, святка кэмигэр онтукаларынан ойбону тэһэ анньан тахсаллар. Сыаллара-соруктара киһиэхэ куһаҕаны оҥорбут киһи диэн. Тилэхтэрэ суох, араас өҥнөөх таҥастаахтар, айахтарыттан уот уһуурар. Суол тоҕойугар туралларын, дэриэбинэлэри сыарҕа­лаах кэрийэллэрин сөбүлүүллэр. Ол сылдьан, киһини тутан ылан ойбоҥҥо соһуох­тарын сөп. Кинилэртэн таҥара итэҕэллээхтэр кириэһинэн көмүскэ­нэллэр эбит. Онон святка кэмин илиҥҥи славяннар “кирдээх”, киһиэхэ кутталлаах кэминэн ааттыыллара. Бу “святка” диэн эргэ халандаар түмүктэммит, саҥа өссө саҕалана илик быыс кэмэ ааттанар. Ол эбэтэр ча­­раас эйгэ аартыктара  аһылланнар, айыылыын-­абааһылыын курдат киирэ-тахса сылдьар кэмнэрэ.

Дьэ итинник шиликуннар туһунан итэҕэли бастакы нуучча дьоно аҕаланнар, бэ­­йэбит да аҕыйаҕа суох абааһы­лаах но­­руокка “сүллүүкүн” диэн аатынан эбии-сабыы буолан, киирэн хаалбыттар быһыы­лаах.

Онон тохсунньу 12-19 күннэригэр сүллүүкүн хараҕын далыгар киирбэт курдук өбүгэлэрбит уутааҕар чуумпутук сылдьаллара. Кириһиэнньэ күн 19 чыыһылаҕа төттөрү киирэллэр диэн сүөһү уулатар ойбоннорун тэһэн, сүүрдээн кэби­һэллэрэ. Айылҕаны кытта ыкса алтыһан олорбут мындыр өбүгэбит мээнэҕэ маннык дьаһамматах буолуохтаах. Ол аата тохсунньу бу күннэригэр ку­­йаар үрдүнэн туох эрэ хамсааһын барар.

Кыраан уута сибэтиэй уу буолбат

Монахиня Елизавета Сеньчукова, Саха сири­нээҕи епархия пресссулууспатын үлэһитэ:

– Кириһиэнньэ уута Улуу Святыня диэн ааттанар. Ууну сибэтии гыныы бу олус былыргы кэмнэртэн кэлбит үгэс, Кириһиэнньэ быраа­һынньыга эмиэ евангельскай кэмнэртэн кэлбит быраа­һынньык буолар. Сибэтиэй ууну тохсунньу 18-19  күннэригэр таҥара дьиэлэригэр биэрэллэр. Тохсунньу 18 күнүгэр сарсыарда 9 чаастан Преображенскай таҥара дьиэтигэр Владыка Роман бэйэтэ сулууспаны ыытыаҕа, олус кыраһыабай литургия толоруллуоҕа. Итиэннэ 11 чаас диэки ууну сибэтии гыныы саҕаланыаҕа. Ол кэннэ сибэтиэй ууну киэһэ 19.00 чааска диэри ылыахха сөп. Тохсунньу 19 күнүгэр сулууспа 10.00 чаастан саҕаланыаҕа, ууну 12.00 чаас диэки биэриэхтэрэ. Бу күн Күөх Хонууга  купель уутун сибэтии гыныы 13.00 чааска буолуоҕа. Сибэтиэй ууну тохсунньу 27 күнүгэр диэри ылыахха сөп. Аһара улахан иһиккэ ылар наадата суох, тоҕо диэтэххэ, аҕыйаатаҕын аайы ууну эбэн биэрэн иһэҕин. Өскөтө киһи таҥараны ис сүрэҕиттэн итэҕэ­йэр буоллаҕына, уу киһиэхэ дьайыыта эмтээх буолуон сөп. Сылы быһа сарсыарда аччык искэ иһэ сылдьыахха наада.  Оттон кыраан уута сибэтии гыныллыбатах буолан, сибэтиэй уу буолбат.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыайыы 80 сылынан сэрии бэтэрээннэригэр төлөбүрдэри хайдах оҥорор туһунан быһааран биэрдилэр

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр төлөбүрдэр тустарынан чуолкайдааһыны оҥордо…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин олохтооҕо экстремизмҥэ ыҥырыы иһин буруйданна

Саха сиригэр эр киһи экстремизмҥэ ыҥырыытын иһин усулуобунай болдьоҕу биэрдилэр. Силиэстийэ быһаарбытынан, эр киһи социальнай…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Иван Бугаев: «Итэҕэллээх буоламмын эрэ тыыннаах сылдьабын»

Бу күннэргэ Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүттэн  байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Иван Бугаев ыалдьыттаан ааста. Кини…

41 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Ньургун Боотур» олоҥхо-опера дойду бастыҥ испэктээктэрин испииһэгэр киирдэ

«Золотой фонд театральных постановок России» куонкуруска кыттарга бастыҥ испэктээктэри талыы бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Барыта 300…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьахтар урукку кэргэнэ күнүүлээн автомагнитоланы алдьаппыт

ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар биллибэт эр киһи массыынатын иһигэр автомагнитоланы  алдьаппытын туһунан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Саха сиригэр историческай сырыытын түмүктэрэ

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыыта бэлиэ түгэнинэн…

2 часа ago