Тохсунньу: Ороһооспо, Кириһиэнньэ, Бастакы Охонооһойоп
Тохсунньу – Таҥха Хаан Айыы ыйа. Оттон 2025 сыл – Иэйиэхсит ийэ Хотун сыла.
Тохсунньу тутула
Тохсунньуну былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар хараҥа ый диэн ааттыыллар. Тохсунньуга түүнэ уһун, күнүһэ кылгас. Аам-даам тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр. Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр. Онон таҥхаланыы диэн үөскээбит. Тохсунньуга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Бу ыйы от ыйа батыһар. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – сайына куйаас. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар. Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр. Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир. Ити эрээри, хонон турдах аайы халлаан сылыйан эрэрэ, күн уһаан иһэрэ биллэр буолар. Тибии типтэҕинэ, от ыйыгар улаханнык сөрүүтүйэн ылар, кыраһа элбэхтик түстэҕинэ өҥ дьылы күүтэллэр. Тохсунньу 9 күнүгэр Ый уонна Үргэл алтыһыыта буолар. Күн уһаан иһэр. Тыал диэн улахан суох. Тымныы хам тутар. Өссө сэтэрэр курдук буолар.
Тохсунньу билгэтэ
Тохсунньу 7 күнэ – Ороһуоспа. Ороһуоспа тымныыта түһэр. Бу күн былытырдаҕына, сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри туруоҕа, былытырбатаҕына – тымныы сэтэриир. Бу күн сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥсүйэр. Киэһэтин халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына – отон аанньа үүммэт.
Тохсунньу 9 күнэ – Ый уонна Үргэл алтыһыыта буолар. Былыргы сахалар ЫйҮргэли кытта алтыһыытын кэтээн көрөөччүлэр. Үчүгэй дьыл буоларыгар алтынньы 14, сэтинньи 12, ахсынньы 11, тохсунньу 9, олунньу 7, кулун тутар 4, ыам ыйын 1 күннэригэр алтыһар. Оттон кураан дьыл кэлэригэр хойутаан алтыһар.
Тохсунньу ый 12 күнэ – Сүллүүкүттэр тахсаллар. Маҥнай хамначчыттара тахсан, абааһыта суох өтөхсүйбүт дьиэлэри оттон ититэллэр.
Тохсунньу 14 күнэ – Баһылайап (Эргэ Саҥа сыл). Бу күн ханнык кэмҥэ былытырбытынан, дьаҥ-дьаһах хаһан буоларын быһаараллар.
Тохсунньу 19 күнэ – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан. Сарсыарда сүллүүкүттэр төттөрү киирэллэр диэн, ыаллар эрдэ туран сүөһү уулатар ойбоннорун тэһэн, сүүрдэн кэбиһэллэрэ.
Тохсунньу 20 күнэ – былыр таҥара күлүгүн сууйаллара уонна сибэтиэй уутунан дьиэлэрин, хотоннорун, сүөһүлэрин ыраастыыллара, арчылыыллара.
Тохсунньу 31 күнэ – Бастакы Охонооһойоп. Эһэ арҕаҕар сытан, иккис өттүгэр эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Дьыл оҕуһун муоһа мүлүрүйэр. Саҥа дьыл күн тохсунньу ый 1 күнүгэр – 10 мүнүүтэ уһуур.
- Ороһооспо күн тохсунньу ый 7 күнүгэр – 30 мүнүүтэ уһуур.
- Кириһиэнньэ күн тохсунньу ый 19 күнүгэр – 1 ч 17 мүнүүтэ уһуур.
- Бастакы Охонооһойоп күн тохсунньу ый 31 күнүгэр – 2 ч 19 мүнүүтэ уһуур.
Саҥа дьылга тымныйыаҕа
Ааһан эрэр ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр нэдиэлэттэн икки күнү «уларсан», быйылгы 2024 сылбытын атаарыахпыт. Биллэн турар, «үүнэр сыл тохсунньута хайдах буолуой?» дии санаан, үгүс дьон «кыһыммыт син биир «иэстэһэрэ» буолуо», диэн сэрэнэ-сэрбэнэ күүтэбит.
Бу туһунан норуот синоптига Тускул туох диэн билгэлээтэ?
— Ахсынньы 12, 21 күннэригэр уонна кэлээри турар 29 чыыһылаҕа эрэ аам-даам тымныытынан биллэрэн баран, сис былыт кэлэн сабардаан, хаһан да билбэтэх сылаас ахсынньыбыт ааһан эрэр. Быйылгы кыһын сылыйыыта туохха олоҕурда? Эрдэ эппитим курдук, 33 сылга биирдэ кэлэр Атлантическай акыйаантан тахсыбыт «Атлантическай циклон (сис былыт)» бүтүн Европаны, Азияны уҥуордаан, уһук Саха сиригэр, онтон салгыы Магадааны, Чукотканы хабан, улахан сылыйыы буола турар. Маны тэҥэ Тиихэй акыйаантан сүрдээх улахан циклон Охотскай муоранан тахсан, Өймөкөөнү, Муоманы, Томпону сабардаан, бу эҥэр бу күннэргэ уһуннук сылыйда. Онон Тымныы полюһунан аатырар чысхаан тымныылаах Өймөкөөн улууһа быйыл ахсынньыга тымныытын «мэлдьэһэн» кэбистэ — бу күннэргэ манна -28 кыраадыс эрэ тымныы бэлиэтэннэ. Ааспыт сыллары анаарар буоллахха, ахсынньы бүтэһик сылыйыыта 1991 сыллаахха биллэн ааспыт. «Саҥа дьылга хайдах күн-дьыл туруой?» диэн миигиттэн үгүстүк ыйыталлар. Ахсынньы 29, 30, 31, тохсунньу 1, 2 күннэригэр биллэ тымныйыаҕа: -40С-45С буолуоҕа. Ол эрээри өр тымныйбат — сыл аайы кэлэр сис былыт эмиэ тиийэн кэлиэҕэ. Онон салгыы тохсунньу эмиэ сымнаҕас ый буолар чинчилээх. Олунньуга кылгас кэмҥэ, ордук киин улуустарга, Ороһооспо кэнниттэн нэдиэлэ курдук тымныйан ылыаҕа: -40С-45С. Онон бүтүө. Олунньу эмиэ сылаас күннэринэн хатаҕалыаҕа.
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР:
Тохсунньу Илин эҥэр улуустарга, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, быйыл балай да сылаас буолара сабаҕаланар, Бу ыйга хаара олох суох буолсу.
Бу ый I дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ сымнаһыар: күнүс -38С кыраадыс тымныы, түүнүн -45С хаара олох суох.
II дэкээдэҕэ кыра сөҥүүлээх: күнүс -39С кыраадыс тымныы, түүнүн -44С кыраадыс тымныы.
III дэкээдэҕэ хаара олох суох буолсу көннөрү тымныйыыһы. Күнүс -35С кыраадыс тымныы, түүн -40С кыраадыс тымныы буолсу.
КИИН УЛУУСТАР:
Тохсунньу ый киин үгүс улуустарга урукку сылларга тэҥнээтэххэ балай да сымнаҕас буолара сабаҕаланар, Хаара олох да ханан да суох буолсу.
Бу ыйга I дэкээдэҕэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сымнаһыар: күнүс-38С кыраадыс тымныы, түүн -42С тымныы.
II дэкээдэҕэ сөҥүүтэ суох: күнүс -36С кыраадыс тымныы, түүнүн -40С кыраадыс тымныы.
III дэкээдэҕэ хаара олох суох: көннөрү тымныйыыһы. Күнүс-34С кыраадыс тымныы, түүн -37С кыраадыс тымныы.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР
Бүлүү эҥэр улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, син сылыйыыһы. Дьэ, уонна II-III дэкээдэлэргэ кыра хаардаах буолсу.
Бу ыйга I дэкээдэҕэ, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сылаас: күнүс -35С кыраадыс тымныы, түүнүн -39С бу дэкээдэҕэ кыра хаардаах.
I дэкээдэҕэ көннөрү хаардаах: күнүс -34С кыраадыс тымныы, түүн -39С кыраадыс тымныы.
III дэкээдэҕэ кыра соҕус хаардаах: былыттаах буолан, улахан тымныы түһүө суох. Күнүс-31С кыраадыс тымныы, түүн -35С кыраадыс тымныы.
ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ:
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга бары улуустардааҕар тохсунньу ыйга III дэкээдэҕэ кыра хаардаах.
Бу ый I дэкээдэҕэ урукку сылларга тэҥнээтэхх сылаас күнүс -25С кыраадыс тымныы, түүнүн -30С тымныы.
II дэкээдэҕэ кыра хаардаах буолсу күнүс -30С кыраадыс тымныы, түүнүн -35С кыраадыс тымныы.
III дэкээдэҕэ кыра хаардаах уонна сылаас. Күнүс-20С-24С кыраадыс тымныы, түүн -28С кыраадыс тымныы.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:
Өймөкөөн — Саха сирин саамай тымныы улууһа. Ол гынан баран, урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, ахсынньы сылааһынан аатырда. Тохсунньу да Тымныы полюһугар улахан сымнаһыар буолсу. Хаар олох суох. Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -45С кыраадыс тымныы, түүн -48С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүс -46С кыраадыс тымныы, түүнүн -49С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн -42С кыраадыс тымныы, түүн -46С кыраадыс тымныы.
ДЬААҤЫ УЛУУҺА:
Дьааҥы Саха сирин биир эмиэ саамай тымныы улууһунан биллэр. Ахсынньыга саамай тымныы улууһунан буолла. Тохсунньуга эмиэ атын улуустардааҕар тымныы. Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -45С кыраадыс тымныы, түүнүн -49С тымныы.
II дэкээдэҕэ балай да тымныы: күнүс -44С- кыраадыс тымныы, түүн -48С кыраадыс тымныы.
III дэкээдэҕэ күнүһүн -42С кыраадыс тымныы, түүн -46С кыраадыс тымныйыыһы.
АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА:
Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга тохсунньу бастакы уонна иккис декадаларга олох хаар суох. Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -39С кыраадыс тымныы, түүн -40С тымныы.
II дэкээдэҕэ хаара суох: күнүһүн -43С кыраадыс тымныы, түүн -44С кыраадыс тымныы.
III дэкээдэҕэ күнүһүн -40С кыраадыс тымныы, түүн -43С кыраадыс тымныы.
АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИ:
Артика эҥэр улуустарга тохсунньу, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, арыый да сылаас.
Бу ыйга I дэкээдэҕэ күнүс -30С кыраадыс тымныы, түүн -33С тымныы.
II дэкээдэҕэ хаара суох, көннөрү тымныы: күнүһүн -27С кыраадыс тымныы, түүн -31С кыраадыс тымныы.
III дэкээдэҕэ күнүһүн -27С кыраадыс тымныы, түүн -30С кыраадыс тымныы.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: