Тохсунньуга социальнай эйгэҕэ уларыйыылар киирдилэр

Share

Тохсунньу 1 күнүттэн социальнай эйгэҕэ кэккэ уларыйыылар уонна саҥа дьаһаллар киирдилэр. Бу туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.

Биэнсийэ үрдээтэ:

— Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ страховой биэнсийэ 7,5% үрдээтэ;
— Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ саҥа анаммыт биэнсийэ төлөбүрүн коэффициент уонна олохтоммут төлөбүрдэр нөҥүө индексациялаан 7,5 % улаатта;
— Ону сэргэ 2024 сылга биэнсийэҕэ тахсыы сааһа уларыйда. Дьахталларга 58, эр дьоҥҥо 63 саас буолла. Билигин страховой биэнсийэ ылар туһугар кырата 15 сыл үлэ ыстааһа уонна 28,2 биэнсийэ коэффициена наада.

Оҕоҕо көрүллэр төлөбүрдэр:

— Быйыл сыл саҕаланыаҕыттан Арассыыйаҕа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ улаатта, онтон биир кэлим босуобуйа кэриҥэ тутулуктаах – 50%, 75% эбэтэр 100%;
— Хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйа муҥутуур суумата 383 тыһыынчаттан 565 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээтэ;
— Билигин төрөппүттэр өскөтүн уоппускаттан болдьоҕун иннинэ үлэлэригэр таҕыстахтарына, оҕолорун 1,5 сааһыгар диэри босуобуйаны ылар бырааптарын сүтэрбэттэр;
— Оттон инбэлиит оҕону көрөр төрөппүттэр уонна эппиэкэҕэ ылбыт дьон үлэҕэ толорута суох үлэ бириэмэтин усулуобуйатын тутустахтарына төлөбүр оннунан хаалар.

Ыарыһах быстах кэмҥэ үлэттэн босхолонор лииһэ:

— Быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕа суох ыарыһах ылар босуобуйатын кээмэйэ – ыйга 83-н 122 тыһыынча солк. диэри улаатта.

Ийэ хапытаала:

— Билигин ийэ хапытаалын төрөппүттэр оҕо төрүүрүгэр Арассыыйа Федерациятын гражданнара эрэ буоллахтарына ылар бырааптаахтар;
— Тохсунньу 1 күнүттэн ийэлэр курдук сертификаты ылар бырааптаах аҕалар, ийэ хапытаалын бэйэлэрин мунньуллар биэнсийэлэригэр ыытыахтарын сөп;
— Дьиэ кэргэн ийэ хапытаалын суотугар тутуута хааччахтанан турар дьиэни иэнин олох-дьаһах усулуобуйатын тупсарыыга туһуламмыт ньыманан саҥаттан тутарга туттуохтарын сөп;
— Олунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаалын кээмэйэ бастакы оҕоҕо 630 967,72 солк., иккискэ – 833 800,37 солк. буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
4

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 минута ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

32 минуты ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

35 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago