Салгыы
Тохсунньуттан биэнсийэ 7,5% үрдүөҕэ

Тохсунньуттан биэнсийэ 7,5% үрдүөҕэ

25.10.2023, 18:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Госдуума үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин орто кээмэйэ 7,5% үрдүүрүн туһунан сокуон барылын бигэргэттэ диэн СИА суруйар. 

Госдуума спикерэ Вячеслав Володин иһитиннэрбитинэн, биэнсийэ индексацията 32 мөлүйүөн киһини таарыйыа.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэ кээмэйэ 7,5% үрдүөҕэ. Бу үрдээһин үбүлээһинэ федеральнай бүддьүөккэ номнуо көрүллэн турар. 2024 сылга биэнсийэ үрдээһинэ 234 миллиард солкуобай кэриҥэ ороскуоту эрэйэр, — диэн кини эттэ.

«Коммерсантъ» иһитиннэрбитинэн, 2024 сылга Социальнай пуонда уопсай бүддьүөтэ 16,2 триллион солкуобайга тэҥнэһэр, бу мантан 16 триллион солкуобай страховой усунуостартан уонна федеральнай бүддьүөттэн киирэр.

Сабаҕалааһын быһыытынан, 2023 сылга инфляция үүнүүтэ 7,5%, 2024 сылга 4,5%, 2025-2026 сылларга 4% диэри намтыахтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: