Тохсунньуттан хамнас алын кээмэйэ улаатыаҕа

Тохсунньуттан хамнас алын кээмэйэ улаатыаҕа

11.12.2023, 19:37
Хаартыска: Банки.ру
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ),  оройуоннааҕы коэффициеннары уонна хотугу надбавкалары учуоттаан, улаатыаҕа.

Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ ( 80% муҥутуур кээмэй баар буоллаҕына) 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн маннык буолуоҕа:

— 2,0 оройуоннааҕы коэффициенынан – 53 878 солкуобай;

-1,7 оройуоннааҕы коэффициенынан – 48 105 солкуобай.

Саха сиригэр үлэ төлөбүрүн кээмэйэ үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олорор кээмэйтэн намыһах буолуо суохтаах.
Арассыыйа Федерациятыгар МРОТ кээмэйэ 2024 сылга 19 242 солкуобайга диэри улаатыаҕа.
Үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ федеральнай сокуонунан дойдуга барытыгар биир кэмҥэ олохтонор уонна үлэлиир нэһилиэнньэ тиийинэн олорор кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах.

+1
21
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: