Тохсунньуттан саҥа социальнай пуонда тэриллиэҕэ

Share

2023 сылтан Арассыыйа саҥа социальнай пуондата тэриллиэҕэ. Биэнсийэ пуондата уонна социальнай страховой пуонда холбоһоллор. Бу сүрүн сыалынан – нэһилиэнньэ социальнай өҥөнү туһаныытын судургутутуу.
“Билигин инбэлиит биэнсийэтин, ыйдааҕы төлөбүрү биэнсийэ пуондатыттан ылар. Атын өҥөлөрү – доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр тиэхиньиичэскэй сириэстибэни, санаторнай-курортнай хааччыйыыны социальнай страховкалааһын пуондата хааччыйар. Эһиилгиттэн бу суох буолуо. Бары социальнай судаарыстыбаннай өҥөлөрүнэн нэһилиэнньэ биир сиртэн хааччыллыаҕа”, — диэн РФ биэнсийэҕэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
Бу уларыйыы биэнсийэлээхтэри да, инбэлииттэри даҕаны таарыйбат, биэнсийэлэрин ылбыттарын курдук ыла, атын анаммыт босуобуйалар ыйыллыбыт болдьохторугар төлөнө туруохтара. “Ким даҕаны хаттаан кэлэн саҥаттан анатыҥ, саҥа сайабылыанньаны суруйуҥ, биэнсийэ дьыалатын куопуйатын ылыҥ, хаттаан выписка оҥотторуҥ диэн ирдээбэт”, — диэн сүүрэр, түбүгүрэр ирдэммэтин эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago