Тойбохойго муҥхалаатылар
Сэтинньи буолла — муҥха саҕаланна. Сунтаарга бастакы муҥханы Маар Күɵлгэ, Аллыҥаҕа, Күндэйэҕэ, Хороҕо уонна Тойбохойго түһэрдилэр.
Тойбохойдор быйылгы бастакы муҥхаҕа олус тэрээһиннээхтик таҕыстылар. Күөх Боллоҕу саҥыйахтаах алаадьынан күндүлээтилэр, икки муҥханы түһэрдилэр. Муҥха түһэр кэмигэр Сунтаартан Киимэ Павлов кэлэн мохсуо бырахтара оонньотто. Онтон отууга Тойбохой түмэлин далбар хотуттара миин буһаран, кулуһун тула олорор дьону итии чэйинэн күндүлээтилэр. Ол кэнниттэн сэһэн-сэппэн бөҕө буоллулар.
Сомоҕолоһуу күнүн тойбохойдор сыл аайы бу курдук муҥханан бэлиэтииллэр. Муҥханы тэрийиигэ, эти-аһы булууга Владимир Уаров улаханнык көмөлөстө. Муҥхаҕа аҕыс уонча киһи кэлэн кыттыһан саха сүрүн дьарыгын ɵрɵ тутта. Күөх Боллох көмүс хатырыктааҕыттан бэрсэн Эһэҕэлээх минньигэс соботун амсайдыбыт.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Хаартыскалар ааптар тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: