Тойбохойго Пятигорскайтан сүүрүк ат кэллэ
Сунтаар Тойбохойугар бу күһүн ипподром арыллыбыта. Хаһаайыттар Корниловтар ат сүүрдүү спорт көрүҥүн сайыннарар баҕалаахтар. Бу күннэргэ кинилэргэ Пятигорскайтан өссө биир сүүрүк ат кэллэ.
Күрэҥ өҥнөөх, сүүһүгэр маҥан туоһахталаах ат соторутааҕыта эрэ Краснодарскай кыраайга сүүрэ сылдьыбыта. Ян Корнилов бу ыраас хааннаах Стрим Плей диэн сүүрүк аты сөбүлүү көрөн, ситиһиитин сэргээн бу сайын Пятигорск куораттан ылынарга быһаарыммыта. Стрим Плей дьиэтигэр Тойбохойго икки нэдиэлэ устата айаннаан кэллэ. Аты биллиилээх жокей, атын сиртэн аттары аҕалыынан дьарыгырар Николай Терентьев аҕалла.
Мантан инньэ бу аты саха киһитин көҕүн тутар ат сүүрдүүтүн түһүлгэтигэр элбэхтэ көрүөхпүт турдаҕа. Корниловтар хаһаайыстыбаларыгар маннык ыраас хааннаах ат — үһүс буолар. Стрим Плейы кытта Кыыс Хотун уонна Гридница. Сылгы дьиэтигэр үрдүк уҥуохтаах ураты хааннаах аттары кэккэ саха аттара бааллар.
Ону кытта бу күһүн «Тещин язык» туристическай комплекстан Заколка уонна Завиток понилар кэлбиттэр. Хаһаайыттар мантан инньэ дьону аты миинньэргэ үөрэтэллэрин уонна атынан айан тэрийэр санаалаахтарын сэргээтим.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: