Үгэс буолбут Уус Алдан улууһун сылы түмүктүүр улахан тэрээһинэ уустук балаһыанньанан кыайан буолбатынан, тохсунньу 13 күнүгэр “Тойон Мүрү” мелодистар түмсүүлэрин 45 сылын көрсө диэн кэнсиэр Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар тобус-толору саалаҕа ыытыллыбытыгар улуус салалтатыгар, култуура салаатыгар бу түмсүүнү тэрийбит, салайа сылдьар киһи быһыытынан махталбын тиэрдэбин!
Кырдьыга да, бу 45 сылы быһа үлэм таһынан 100-нэн хас биирдии айар ыччаты, дьону кытта үлэлэһэн, Саха сирин Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрин Н.С.Толбонованы, А.Н.Семеновы кытта ыкса сибээстэһэн, З.Степанов, Т.Стручков, Н.Берестов, В.Зырянов курдук композитордары таһааран сэминээр тэрийэн, куонкурус ыыппытым үтүө түмүктээх буолан, кэнсиэр тэрилиннэҕэ. Ол курдук, мелодистарым ырыаларын нотаҕа таһааран 7 ырыанньык оҥорон бэчээттэттим. Ырыаны запистан нотаҕа түһэрэр хайдах курдук ыараханын үлэлэһэр дьон билэллэр. 2012 с. “Уус Алдан мелодистара”, 2017 с. “Ырыалаах поэттар уонна мелодистар ырыалара” диэн сүүсчэкэ мелодистар ырыаларын үйэтиттим. Ааспыт сайын “Ийэ айылҕам барахсан” диэн Саха сирин бастыҥ мелодистара айылҕа туһунан ырыаларын СӨ Өрөгөй ырыатыттан саҕалаан экология боппуруоһугар иитэр сыаллаах ырыанньык оҥордум. Олохтоох хаһыакка ыйга биирдэ мелодистарым саҥа ырыаларын ноталаан, биографияларын кэпсээн, бэлэмнээн таһаартардым. Онон эрэдээктэр Наталья Гаврильевна Поповаҕа махталым муҥура суох. 20-чэ мелодиһы “Саха ырыатын антологиятыгар” киллэттэрдибит. Хас да мелодист ырыанньыгын таһааттарда, онно аан тыл суруйан биэрдим. Ити ырыалары Т.Н.Семенова оҥоро сылдьар “Саха музыката, ырыата, тойуга” диэн улахан энциклопедия суолталаах библиографическай ыйынньыгар киириэхтэрэ. Элбэх мелодист дискэтэ таҕыста, айар биэчэрдэрин оҥордулар. Үгүс мелодист ырыатын араадьыйаҕа убайдаатар убайбыт Н.М.Желобцовтан саҕалаан уһултардыбыт. Олохтоох, өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан 20-чэ биэриини бэлэмнээтим. “Саха” НКИК “Айар үлэ алыбыгар” 10 биэриини оҥордум. Араадьыйа үлэһиттэригэр И.Петровка-Сулустаайыга, В.Захароваҕа, В.Индигирскэйгэ, С.Ильинаҕа, М.Власьеваҕа, П.Перуашеваҕа, М.Пермяковаҕа, И.Тарасов-Эрэл Эрэликкэ уо.д. а. барҕа махталбын тиэрдэбин.
С.Луковцев олохтоох автор Г.Иванова тылыгар “Азия оҕолорун” Гимнин айан, Н.Бурнашев-Чысхаан хотугулуу ырыата түмсүүбүт үлэтин аан дойду таһымыгар таһаардылар. Быйыл Н.Андросов Москваҕа СӨ Бэрэстэбиитэлистибэтин Өрөгөйүн ырыатын айан, 1979-80 сылларга “Тойон Мүрү” түмсүүбэр сылдьыбыт биллиилээх ырыа айааччы, “Ырыа күнүн” туруулаһан олохтоппут уопсастыбаннай диэйэтэл А.Калининскай соторутааҕыта “Российские Орлы” ырыата аатырбыт ырыаһыт А.Емельянов толоруутугар Бүтүн Арассыыйаҕа Гран-при буолла. А.Емельянов ол кэннитттэн норуодунай артыыс аатын ылла. Онон мелодистарым үлэлэрэ Арассыыйаҕа, аан дойдуга тахсыбыттарынан киэн туттабын. Ааспыт сылга ырыа айааччылар сэминээр-кэмпириэнсийэлэригэр сойуус бэрэссэдээтэлэ, норуодунай артыыс А.В.Егоров түмсүүбүн өрөспүүбүлүкэ бастыҥ түмсүүтүнэн ааттаан, өрөспүүбүлүкэ Айар сойуустарын холбоһуктарын быһаарыытынан аан бастакынан “Алампа бириэмийэтин” туттарбыттара олус долгутуулаах.
Оттон бэйэҥ тугу айдыҥ диир буоллахха, И.Сыроватскайдыын суруйбут тылбытыгар “Уйгу сирэ — Уус Алдан”, эмиэ кини тылыгар “Олонхо ыһыаҕын Гимнэ”, “Туймаада ыһыаҕа”, “Үс Саха төрүөҕэр”, Күлүмнүүргэ аналлаах ырыалары, Мүрү, Баатаҕай, Өспөх нэһилиэктэрин Гимнэрин, өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан биллэриллибит А.Варламова кэриэһигэр “Биһик ырыатын” куонкуруһугар 75 ырыа киирбититтэн 1 ст. лауреат буолбут “Биһик ырыатын” тылын, мелодиятын, 1995 с. “Сир Биһик” өрөспүүбүлүкэ куонкуруһугар бастаабыт, И.Гоголев тылыгар “Оҕолору харыстааҥ!”, Ил Дархан Гранын ылбыт В.Ущницкай-Сэки тылыгар “Бүтэһик чуораан”. Уопсайа 50-чэ араас тиэмэҕэ айбытым ансаамбылларым репертуарыгар киирэ сылдьаллар. Быйыл ыытыллыбыт “Саха сирин норуоттарын 8-с Спартакиадаларын” култуурунай бырагырааматын барытын “Тойон Мүрү” түмсүүм ырыаларынан ыытыахпыт диэбит тылбын толорон, оонньуулар үрдүк таһымнаахтык, кыайыы үктэллээх баралларыгар бэйэбит кылааппытын киллэрдибит.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар “Кэнчээрим” иитиллээччилэрэ М.Крылов, А.Готовцева, Л.Крылова, А.Бурнашев, Т.Неустроева-Васильева, И.Басыгысова, Л.Аммосова, В.Михеева, А.Слепцова, И.Сивцев, И.Охлопков, С.Парникова уо.д.а. айар аартыктарын арынан, айа-тута сылдьаллара, күн аайы кэриэтэ мелодистарым, “кэнчээрилэрим” ырыалара араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьиэрэйэрэ дууһабын сылаанньытар, инники кэскили кэрэһилиир.
45 сыллаах үбүлүөйбүт кэнсиэрин аны кыһын Найахы, Бороҕон, “Кэнчээри” хордара, ансаамбыллара, бастыҥ ырыаһыттара, үҥкүү кэлэктииптэрэ кыттыылаах өссө улахан кэнсиэр оҥоруохпут. Онно барыгытын ыҥырабын.
В.Парников, “Тойон Мүрү” мелодистар түмсүүлэрин төрүттээччи, салайааччы, “Алампа бириэмийэтин” бастакы лауреата
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…