Сэтинньи 11 күнүгэр ХИФУ научнай бибилэтиэкэтигэр
Ийэ баар бу сиргэ
Аан дойду аанньала,
Ананнын киниэхэ
Барыбыт махтала
— диэн саха норуотун уоһуттан түспэккэ ылланар «Ийэҕэ махтал» ( мелодист Степан Васильев) ырыа тылын ааптара, Муома оройонун Соболооҕуттан төрүттээх суруналыыс, бэйиэт Тихон Егорович Черемкин — Толомон 80 сылынан сибээстээн чугас аймахтара, биир дойдулаахтара, сүгүрүйээччилэр түмсэннэр истиҥник-иһирэхтик, ирэ-хоро ахтан-санаан аастылар.
Дьоро тэрээһин Дьокуускайтан Юлия Шкодина салайааччылаах «Милленниум» оҕо үҥкүүтүн ансаамбыла
хотугулуу үҥкүүтүнэн саҕаланна. Тойуксут Зинаида Григорьева » Хоту дойду хоһоонньута» тойугу толоруута, Мэҥэ Хаҥаластан «Таммахтар» литературнай холбоһук чилиэнэ Инна Николаева-Угинка «Сибэккилэр ыһыах ыһаллар» диэн Толомон хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕыыта ытыс тыаһынан арыалланна.
Саалаҕа мустубут ыалдьыттарга туһаайан Сэмэн Тумат, Петр Николаевич Черемкин, Семен Афанасьевич Соркомов, Анна Иннокентьевна Сергучева уо.д.а дьоһун ахтыылары оҥордулар.
Түһүлгэҕэ Толомон хоһоонноругар хас да ырыалаах Степан Васильев бэркэ табыллан, санаата көнньүөрэн ыллаата. Хас биирдии ырыа айыллыбыт историятын кэпсии-кэпсии толорбутун, көрөөччүлэр дохсуннук ытыстарын таһынан арыаллаатылар.
«Ахтан, санаан ааһыаҕыҥ…» диэн Толомон балта, айар үлэтин үйэтитээччи, СӨ, РФ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Августина Хабарова ааптарыскай бырыйыага. Бырайыак ХИФУ научнай библиотекатын айар бөлөҕүн кытта сүбэлэһэн иккис төгүлүн ураты сэргэхтик, истиҥник ыытылынна. Дьон-сэргэ тэрээһинтэн улаханнык астынан, дуоһуйан тарҕаста.
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…