Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ
Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп түбэһэрин туһунан Саха сиринээҕи Госстройжилнадзорун управлениетыгар иһитиннэрдилэр.
Саҥа икки этээстээх дьиэ иэнэ 1030,2 кв. м., актовай саалата 121 көрөөччү миэстэлээх. Тас территорияны тупсарыы үлэтэ ыытыллара былааннанар.
«Ылыллыбыт түмүгүэн эбийиэги үлэҕэ киллэриигэ үлэ барар. Урукку култуура дьиэтэ 1973 сыллаахха 30 сыл анараа өттүгэр тутуллубута уонна 1994 сыллаахха уокка былдьаммыта. Бу тухары кулууп бу сыалга анамматах дьиэ иһигэр тэриллэн үлэлээбитэ», — диэн Саха сиринээҕи Госстройжилнадзор управлениетын салайааччыта Павел Аргунов кэпсээтэ.
Култуура саҥа дьиэтэ «Култуура»национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна. Тутааччынан Саха сирин судаарыстыбаннай сакаасчытын сулууспата буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: