Томмокко Оҕо ускуустубатын дьиэтэ аһылынна

Share

Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Саха сиригэр тоҕус социальнай эбийиэк үлэҕэ киирдэ. Олор истэригэр — Иван Касьяненко аатынан Томмоттооҕу Оҕо ускуустубатын дьиэтэ. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Эбийиэги Алдан оройуонун олохтоох бүддьүөтүттэн туһанан 2024 с. туттулар. Тутар-мантаастыыр үлэлэргэ, тустаах тэрилинэн, миэбэлинэн хааччыйарга 150 мөл.солк. тахса харчы көрүллбүт.

«Саҥа икки этээстээх оскуолабытыгар кэбиниэттэрэ сырдыктар, сылаастар. Аактабай саала, фортепианоҕа анаммыт икки кылаас, оркестро-хоровой кылаас, хорегорафия кылааһа, норуодунай инструменнар кылаастара, театральнай кылаас бааллар. Бу барыта саҥа уоттаах-күөстээх, тыастаах-уустаах тэрилинэн хааччылынна. Билигин хас биирдии преподавателгэ туспа кылаастанна. Бары олус үөрдүбүт — оҕолор да,  педагогтар да», — диэн оскуола дириэктэрэ Валентина Булдыгерова санаатын үллэһиннэ.

Саҥа оскуола 1,1 тыһ. кы.м. иэннээх. Манна билигин 206 оҕо үөрэнэр, 13 педагог үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ массыынаттан электрическэй үстүрүмүөнү уорууну арыйдылар

ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааҕааччы суруга: Ыарахан ыарыыттан быыһаабыт эмчиттэрбэр аҕалыы алгыс аныыбын

Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй уһуйаанын хаар оҥоһуктара

Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…

4 часа ago
  • Сонуннар

Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?

"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда

Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүүгэ оскуола Саҥа дьыллааҕы киэргэтиитэ дьон болҕомтотун тарта

Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…

5 часов ago