Томмокко «Укулаан» диэн сынньалаҥ пааркатын тутуохтара
2022 сылга Саха сирэ 320 мөлүйүөн солкуобайдаах граны сүүйбүтэ, манан Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Томмокко сири-уоту тупсарыахтара.
Бастыҥ бырайыактар Арассыыйатааҕы куонкурустарыгар кыайан, бу куораттарга 2023-2024 сылларга уопсастыбаннай сирдэр баар буолуохтара диэн Архитектура уонна куораты тутуу управлениетыгар иһитиннэрдилэр диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Томмот куорат 80 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх граны ылла. Онон хамаанда «Укулаан» диэн сынньалаҥ зонатын тэрийэр былааннаах. Манна бырамыысыланнас мусуойа, вагон быһыылаах гостиница уонна сынньанарга анаммыт араас сирдэр баар буолуохтара.
Бу туһуттан олохтоохтор санааларыгар, куорат устуоруйатыгар тиийэ чинчийэр үлэ ыытылынна. Томмокко 6 694 киһи олорор. Кинилэр «Укулаан» зона ханна баар буолуоҕун таллылар, бырайыагы өйөөн куонкурустарга, флешмобтарга кытыннылар.
«Укулаан» диэн эбэҥки тылыттан томмот диэн тылбаастанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: