Томмот олохтоохторугар Саха сирин Бырабыыталыстыбатын отчуота буолла

Share

Алдан оройуонугар Томмот олохтоохторо СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков салайааччылаах бырабыыталыстыба оробуочай бөлөҕүн көрүстүлэр. Куорат олохтоохторо социальнай суолталаах эбийиэктэри тутуу боппуруостарын туруорустулар.

СӨ Бырабыыталыстыбатын нэһилиэнньэҕэ 2023 сыллааҕы отчуотугар Томмот сайдыытыгар сабыдыаллыыр успуорт саалата, оҕо уһуйаана, о.д.а. атын социальнай суолталаах эбийиэктэри тутуу боппуруостара көтөҕүлүннүлэр. Ону сэргэ томмоттору уу эбийиэктэрин киртийиитин кыһалҕалара долгутар.

Маны таһынан куорат олохтоохтор биир тутаах боппуруостарынан уу ситимин тупсарыыны, суолу тутууну, тупсарыныы үлэлэрин, ону тэҥэ хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүнү туруорустулар. Сорох боппуруостарга быһаарыы тутатына ылылынна.

Санатан эттэххэ, бырабыыталыстыба отчуота уонна олохтоохтор миниистирдэри, атын эппиэттээх сирэйдэри кытта көрсүһүүлэрэ – бу Саха сиригэр олоххо киирбит ураты көрүҥ. Эспиэрдэр бэлиэтииллэринэн, маннык көрсүһүүлэр үрдүкү салалта уонна хас биирдии киһи икки ардыларыгар сыһыаннарын күүһүрдэр. Хас биирдии киһи чопчу ыйытык биэрэригэр уонна суһаллык хоруй ыларыгар кыах үөскэтэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин былаас аһаҕас уонна дьэҥкэ буоларын хас да төгүл бэлиэтээбитэ — бу салалта судаарыстыбаннай салайыытын ситимин көдьүүһүн көрдөрүүтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” пуорумҥа эдэр чинчийээччилэр 250-тан тахса дакылааты киллэрдилэр

Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Зеленскэйдээх кэпсэтиигэ хайдах тиийэллэрин туруорсаллар

Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.  

43 минуты ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Кыһыҥҥы билгэ

Кыһыҥҥы күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий? Ый туруору буоллаҕына, хайдах күн-дьыл үүнэр дииллэрий? Саҥа үүнэр ый…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ф.Охлопков аатынан турнир призеругар снайпер бинтиэпкэтин туттардылар

Сэбиэскэй сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ытыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир призеругар, байыаннай дьайыыга сылдьар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үйэлээх үгэһи утумнуур оҕолору өйөөтүлэр

«Оһуохайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» диэн оҕо күрэһин түмүгүн таһаардылар. Күрэс 2 түһүмэҕэр 15 улуустан,…

2 часа ago