Томмот улууһугар 50 кыбартыыралаах саҥа дьиэни үлэҕэ киллэрдилэр.
Эбийиэк «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа «Саахалланар уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» бырагырааматынан тутуллубут. Саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин Томмот баһылыга Александр Самарскай уонна «Саха сирин тимир суоллара» АХ бырайыагын салайааччыта Петр Катаев туттардылар. «Кыһыл лиэнтэни» быһыы сиэрин- туомун кэнниттэн хаһаайыттар өр күүппүт саҥа кыбартыыларын кэрийэн көрдүлэр. Кыбартыыралар бары гаас билиитэлэринэн уонна сантехниканан хааччыллыбыттар. Дьиэ суола аспаалламыт, олбуор иһигэр оҕо былаһаакката тутуллар.
Бу «2019-2025 сс. гражданнары саахалланар уонна хаарбах дьиэ пуондатыттан көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагырааматын олоххо киллэрии иккис түһүмэҕин чэрчитинэн үлэҕэ киирбит 17-с дьиэнэн буолар. 2024 сыл бүтүөр диэри өссө биир дьиэни туттан үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…