Томороон тымныыга сылааһынан хааччыйар “кырдьаҕас” ТЭЦ
Сыл саҕаланыаҕыттан кыһыммыт тымныытын уһуннук ыһыктыбакка, ордук олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба, энэргиэтикэ салаатын үлэһиттэрэ иннэ-бүргэс үрдүгэр олороллор. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын 60-тан тахса бырыһыанын сылааһынан хааччыйан олорор Дьокуускайдааҕы ТЭЦ-кэ күн бүгүн паарынан ититиллэр хочуоллар, ууну ититэр улахан хочуоллар уонна гаас турбиналара күнүстэри-түүннэри үлэлии тураллар. Бу күннэргэ Дьокуускай куораты ититиинэн хааччыйан олорор кырдьаҕас ТЭЦ үлэтин билистибит.
Билиҥҥитэ быһыы-майгы этэҥҥэ
ТЭЦ ааспыт үйэ отутус сылларыгар үлэҕэ киллэриллэн, аан дойдуга ирбэт тоҥҥо тутуллубут сүдү тиэхиньиичэскэй оҥоһуулаах тутуунан биллэр. Онон Дьокуускайдааҕы ыстаансыйаҕа олоҕуран, хотугу эрэгийиэннэргэ араас бырамыысыланнай тутуулары ыытыы саҕаламмыт эбит.
1960-с сылларга диэри Дьокуускай куораты уотунан уонна сылааһынан соҕотох ыстаансыйа хааччыйан олорбут. Билигин ТЭЦ 12 мегаватт электрическэй кыамталаах уонна 497 Гкал сылааһы оҥорон таһаарар кыахтаах.
Дьокуускайдааҕы ТЭЦ кылаабынай инженерин солбуйааччы Владимир Пичков:
– Билиҥҥитэ өссө икки хочуол «саппаас» быһыытынан туттуллар, онтубут ыксаллаах түгэн үөскээтэҕинэ холбонор. Үлэ былаан быһыытынан баран иһэр. Бу томороон тымныылар кэмнэригэр улахан саахаллар тахсыбатылар. Барыта этэҥҥэ диэххэ сөп. Суһал персонал түөрт симиэнэнэн үлэлиир. Биир симиэнэ 12 чаас буолар. Ыстаансыйаҕа бэйэтигэр 250-ча киһи үлэлиир, – диэн күннээҕи үлэ хаамыытын туһунан кэпсээтэ.
Биир симиэнэҕэ сүүрбэттэн тахса киһи үлэлиир
Дьокуускай куорат сүрүн «оһоҕор» – ТЭЦ-кэ киһини мээнэ киллэрбэттэр. Эрдэттэн сайаапка түһэрэн, пропуск оҥортороҕун. Аны сүүстэн тахса кыраадыс итийэн турар хочуоллар үлэлии турар ыстаансыйаларыгар киирэргэ тиэхиньиичэскэй өттүнэн куттал суох буолууга инструктаж бараҕын. Дьэ ол эрэ кэннэ киирэҕин. Миигин номнуо онус сылын үлэлиир уопуттаах эдэр үлэһит, инженер Олег Самоваров арыаллаата.
Былырыын сэтинньи 7 күнүгэр ТЭЦ тутуллан үлэҕэ киллэриллибитин 85 сылын бэлиэтээбиттэр. “Ыстаансыйа дьиэтэ хара тутуллуоҕуттан турар. Ити баараҕай хочуоллар биэс мэндиэмэннээх дьиэ саҕа үрдүктээхтэр”, – диэн ууну ититэр хочуоллары көрдөрө-көрдөрө Олег Вадимович кэпсиир.
Ыстаансыйа иһэ киэҥ-куоҥ. Ол гынан баран, итиитэ бэрт, аны ону ааһан хочуоллар, турбиналар сүр улахан тыастаахтар. Үлэһиттэр бу итиигэ, дирбиэн-дарбаан тыаска үөрэнэн хаалбыппыт дииллэр.
Манна Калужскайдааҕы паарынан үлэлиир турбиналар тураллар. Холобур, бастакы нүөмэрдээх турбина 1995 сыллаахха үлэҕэ киллэриллибит. 6 МВт кыамталаах.
Уопсайынан, көмпүүтэр үйэтэ кэлэн, билигин ууну ититэр щит үлэһиттэрэ монитор нөҥүө уу температуратын, ноҕуруусканы көрө, бэрэбиэркэлии, хонтуруоллуу олороллорун инженер Олег Самоваров этэр.
Барыта “олохтоох” оборудование турар
“Кырдьаҕас” ТЭЦ-кэ сыллата саҥардыы, хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ былааннаахтык ыытыллар. Киин куораппыт кэҥээн, улаатан иһэрин сэргэ, ыстаансыйа ноҕурууската улаатан иһэр.
– Биһиги үлэбит үгэнэ сааскы ыйдартан саҕаланар. Кыстыгы түмүктээн баран, тутатына кэлэр сылга бэлэмнэнэн барабыт. Былаан быһыытынан өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. Бэлэмнэнии үлэтиттэн кыһыны хайдах туоруурбут быһаччы тутулуктаах, – диэн Дьокуускайдааҕы ТЭЦ кылаабынай инженерин солбуйааччы Владимир Пичков этэр.
Сааҥсыйаҕа ыстаансыйа үлэтэ кыһарыйтарбатах. Манна үгүс өттүгэр Арассыыйаҕа оҥоһуллубут оборудование турар диэн энэргиэтиктэр бэлиэтээн эттилэр.
Тэрилтэ уопсайа 162 килэмиэтир магистральнай ититии ситимнэрин, 34 киин сылытар пууннары (тепловые пункты) хааччыйан үлэлэтэр. 2015 сылтан саҕалаан сыллата 15 килэмиэтиргэ тиийэ квартальнай ититэр ситимнэри тардан холботолуур.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: