Томороон тымныылар салҕаналлар, -58°С кыраадыска тиийэ тымныйыа
Саха сирин синоптиктара бүгүн, тохсунньу 2 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарынан тымныы, сөҥүүтэ суох, нэһилиэнньэлээх пууннарынан туманнаах күн турарын билгэлииллэр.
Салгын температурата түүн -43-48°С, күнүс -40-45°С тымныы, киин улуустарга, соҕуруулуу-илин түүн -51-56°С , күнүс -46-51°С, Өймөкөөн улууһугар -55-58°С кыраадыска диэри тымныйыа, күнүс -48-53°С кыраадыс. Хоту улуустарынан, Халымаҕа, соҕуруу кыралаан хаардыыр, соҕуруулуу-арҕаа сорох сиринэн хаардыыр, тыаллаах салгын температурата түүн -30-35°С ,күнүс-28-33° С, соҕуруулуу-арҕаа түүн уонна күнүс -20-25°С кыраадыс тымныы.
Арктика улуустарынан хаардыыр, тибиилээх, сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх тыаллаах, Булуҥ улууһун кытылынан буурҕа түһэр, сөкүүндэҕэ 15-20 м. түргэннээх күүстэх тыаллаах, салгын температурата түүн уонна күнүс -24-29 °С кыраадыс тымныы.
Дьокуускайга салгын температурата түүн -49-51°С, чугас эргин -51-53°С кыраадыс тымныы, күнүс -48-50°С кыраадыска тиийэ тымныйыа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: