Томпо кэпэрэтиибэ олохтоохтору бэйэтин аһынан хааччыйар

Share

Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев Томпо улууһугар оробуочай сырыытын иитинэн, “Томпо-Ас” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин үлэтин кытта билистэ. Ил Дархаҥҥа кэпэрэтиип оҥорон таһаарар сыаҕын көрдөрдүлэр.

“Томпо улууһугар саха норуотун үгэһигэр суолталаах тыа хаһаайыстыбатын уонна табаны иитии икки хайысхата олохсуйбут. Хаһаайыстыба бу салаалара улууска күүскэ сайдыбыттар. Хомойуох иһин, урут манна оҥорон таһаарыы сайдыыта суоҕа, билигин, “Томпо Ас” кэпэрэтиип тэриллэн, олохтоох аһы-үөлү оҥоруу саҕаланан эрэр. Дьон үлэлиэн баҕарара көстөр. Мин үлэлиир баҕалаах уонна сатыыр дьону өйүөхтээхпин диэн толкуйдаахпын. Бу курдук кэпэрэтииптэри өрүү өйүөхпүт. Чугастааҕы сылларга манна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын хаачыстыбалаах саҥа таһымҥа таһаарыахпыт диэн эрэллээхпин. Улуустааҕы уопсай тыа хаһаайыстыбатын салаалара ситиһиилээхтик сайдалларын курдук өйүөхпүт”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Ааспыт сыл сэтинньититтэн кэпэртиип улууска олохтоох эттэн аһы-үөлү оҥорон атыыга таһааран саҕалаабыта. Маныаха анаан олохтоох табаары оҥорооччулартан  20 туоннаттан тахса ынах этин эбии атыыласпыт. Бу 8 ый устата атыыттан 1 мөл. 140 тыһ. солк. киирбит, атыы бэйэтин суумата – 2 мөл. 923 тыһ. солк.

“Томпо-Ас” ТХПК тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорон таһаарааччылара баҕа өттүнэн түмсүүлэригэр олоҕуран тэриллибит. Кэпэрэтиип 13 чилиэннээх, ол иһигэр хас да нэһилиэктэн 10 бааһынай хаһаайыста киирэр.

Быйыл кэпэрэтиип чилиэнэ, Трофим Охлопков ИП ГКФХ анаан 100 сүөһү турар сайылыгын тутуутугар граҥҥа кыттан кыайбыттар. Хаһаайыстыба барыта 325 төбө сүөһүлээх, ол иһигэр  135 ынахтаах.

Эһиил кэпэрэтиип чилиэнигэр, Виктор Харлампьев ИП ГКФХ анаан Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтигэр Ынахсыт диэн сиргэ 130 төбө турар хотонун тутар былааннаах. Тустаах хаһаайыстыба 318 төбө сүөһүлээх, итинтэн ыанар ынаҕа – 142.

ТХПК салалтата Ил Дархантан эбийиэги Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин судаарыстыбаннай бырагырааматыгар киллэрэргэ – тутуутун ороскуотун толуйарга көрдөстө. Итини тэҥэ, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара, олохтоох оҥорооччулар тиэндэргэ кытталларыгар уонна бородууксуйаларын бигэтик батаралларын туһугар ынах уонна сылгы этин оҥорууну көҕүлүүргэ субсидияны эбэллэригэр көрдөстүлэр.

Ил Дархан хаһаайыстыба оҥорон таһаарар эбийиэгин көрөн баран, “Томпо-Ас” ТХПК салалтата туруорсар боппуоуостарын быһаарарга өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сорудах биэрдэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago