Томпо сайдыытыгар биир кэскиллээх бырайыак

Share

Томпо оройуонугар бу күннэргэ Үөһээ Мэҥкэчэҕэ үрүҥ көмүһү, полиметалл рудалары хостоон байытар фабрика үлэҕэ киирдэ. Бу туһунан Арассыыйа “Коммерсант” хаһыата бэйэтин “Телеграм” ханаалыгар сонун быһыытынан таһаарда.

“Коммерсант” бэлиэтииринэн, Үөһээ Мэҥкэчэҕэ, чинчийэн көрүү түмүгүнэн, 2 мөлүйүөн туонна кэриҥэ үрүҥ көмүс, 236 туонна сибиниэс, 245 туонна цинк саппаастара баара биллибит. Бу эбийиэги “ГеоПроМайнинг” хампаанньа үлэлэтэр. Манна барыта 800 үлэ миэстэтэ тахсыахтаах. Бу фабрика сылга 300 тыһыынча туоннаны байытыахтаах. Рудалары хостооһун сир аннынан барар. Үлэҕэ-хамнаска хампаанньа ууну ыраастаан хат туттар систиэмэни киллэрэн, тастан ууну ылыы төһө кыалларынан кыччатыллан турар. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ салалтата бырамыысыланнай хампаанньаларга бастакы уочарат тулаалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа улахан ирдэбиллэри туруорар уонна ону толороллорун модьуйар.
Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, бу сири туһаҕа таһаарыы туһунан кэпсэтии уонтан тахса сыл буолла. Ол эрээри хамсааһын 2017 сыллаахтан ыытыллан, ити сыл “ГеоПроМайнинг” хампаанньа олохтоохтору кытары уопсастыбаннай иһитиннэрии оҥорбута. 2018 сыллаахха тутуу судаарыстыбаннай экспертизатын ааһан, хампаанньа үлэтин саҕалаабыта.
Томпо оройуонугар билигин уон биир тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Оройуоҥҥа барыта тоҕус муниципальнай тэриллии баар. Томпо – өрөспүүбүлүкэбит эмиэ биир ураты оройуона буолар. Бырамыысыланнаһы сэргэ олохтоохтор тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктаналлар. Чуолаан Тополинай национальнай эбээн нэһилиэгэ таба иитиитинэн дьарыктанан олорор. Тополинайдар туруорсаннар, этии киллэрэннэр Ил Дархан Айсен Николаев 2020 сыллаахха Саха сиригэр Табаһыт күнүн киллэрэн турар. Онон оройуоҥҥа бырамыысыланнаһы сэргэ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэстэрин, култуураларын, сирдэрин-уоттарын харыстааһын эмиэ тэҥҥэ барар.
Томпо оройуонугар бу бырайыак олоххо киириитэ өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнаһын сайыннарыыга биир улахан түһүмэх буолуохтаах. “Коммерсант” хаһыат бэлиэтииринэн, билигин Саха сирин хоту оройуоннарыгар “Күчүс” хайа-бырамыысыланнай кластера үлэлиир, Мирнэйгэ “АЛРОСА” хампаанньа “Мир глубокий” саҥа руднигы тутуутун саҕалаата, Алдаҥҥа тимир рудатын, апатиттары хостооһуҥҥа бырамыысыланнай кластер тутуллуохтаах. Бу бырайыактар бары олоххо киирдэхтэринэн өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнас сайдыытын көрдөрүүтэ лаппа улаатыахтаах. Ол аата бүддьүөккэ нолуок быһыытынан үбүлээһин киириитэ элбиэхтээх. Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн бырамыысыланнай сайдыы индексэ Саха сиригэр 113,3 % тэҥнэспитэ. Бу Уһук Илин эрэгийиэннэргэ бастыҥ көрдөрүү, оттон Арассыыйа үрдүнэн алтыс миэстэҕэ тахсыбыппыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

6 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

8 часов ago