Салгыы
Томпо улууһугар Бе-200 амфибия-сөмөлүөт үлэлиэҕэ

Томпо улууһугар Бе-200 амфибия-сөмөлүөт үлэлиэҕэ

13.06.2024, 10:55
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 12 күнүн киэһэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ 91,5 тыһ. га иэннээх 46 ойуур баһаара баара биллэр. Ити туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солуйааччы Дмитрий Садовников салайан ыыппыт суһал ыстаап киэһээҥҥи мунньаҕар иһитиннэрэллэр.

Томпо улууһугар 14 тыһ. га тахса иэннээх 3 ойуур баһаара бэлиэтэммит.

“12,6 тыһ. га иэннээх улахан баһаар Хаандыга уонна Теплай Ключ икки ардыгар баар. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабат эрээри, уот ситимигэр тиийиэн сөп. Онон сибээстээн бэс ыйын 13 күнүгэр Арассыыйа ЫБММ Бе-200 амфибия-сөмөлүөтүн туһанар былааннанар” – диэн Бырабыыталыстыба бэрээссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.

Өлүөхүмэ улууһугар 20 тыһ. га тахса иэннээх 5 баһаар баар.

Тустаах муниципальнай тэриллиигэ баһаары умуруоруу миэстэтэ томтоҕорунан (рельеф) уонна чугаһынан уу суоҕа уустуктардаах.

Санатан эттэххэ, бэс ыйын 11 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ, бу күөдьүйэн тахсыыны умуруорарга эбии күүс уонна үп туһанарга көмөлөһөр.

Баһаары умуруорууга 700-чэкэ киһи сыһыарыллыбыта. “Авиалесоохрана” тэрилтэтин 123 үлэһитэ үлэлиир, улахан аҥаардара Өлүөхүмэ улууһугар. Бурятия “Авиалесоохрана” эрэгийиэннээҕи 50 үлэһитэ Алдантан Өлүөхүмэҕэ айаннаан иһэр. Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы күүһү туһаныы иитинэн эбии 50 киһи бу күннэргэ Иркутскайтан кэлэрэ күүтүллэр.

Бу күннэргэ былытырара сабаҕаланар. Бэс ыйын 13 күнүгэр баһаары умуруорар сөмөлүөттэр Уус Маайа, Амма уонна Томпо улуустарыгар үлэлиэхтэрэ, бэс ыйын 14 күнүгэр – Бүлүү бөлөххө.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 июля
  • 11°C
  • Ощущается: 10°Влажность: 71% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: