Томпо улууһун баһылыгын солбуйааччы Оксана Назаренко: «Ханнык да боппуруоһу болҕомто таһыгар хаалларбаппыт”
Томпо улууһун баһылыгын солбуйааччы Оксана Назаренко байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаах дьонноругар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһулларын туһунан кэпсээтэ.
— Биһиэхэ, Томпо улууһугар былырыын байыаннай сулууспаҕа быстах хомуур биллэриллээтин кытта ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр Суһал ыстаап (бэрэссэдээтэл, улуус баһылыга Яков Степанов), ону сэргэ доброволецтар ыстаабтара (бэрэссэдээтэл, улуус депутата Альбина Сычкина) тэриллибиттэрэ. Оттон мин бу үлэлэри сүрүннээн салайар кураторынан үлэлии сылдьабын.
Улуус баһылыгын уурааҕынан улууска төрөөбүт бары байыаннай сулууспалаахтарбытыгар биир кэмнээх төлөбүрдэр олохтоммуттара. Ол курдук, буойуҥҥа 50 тыһыынча солкуобайдаах биир кэмнээх көмө харчы бэриллэр. Кини саҥа төрөөбүт оҕотугар эмиэ 50 тыһыынча солкуобай, бааһырыы ыллаҕына — 100 тыһыынча солкуобай, буойун байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр сырдык тыына быһыннаҕына дьиэ кэргэнигэр 300 тыһыынча солкуобай көмө харчы туттарыллар.
Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэннэригэр кэргэнигэр, төрөппүттэригэр, оҕолоругар чэпчэтиилээх сибидиэтэлистибэри туттарыы балаһыанньата улуус баһылыгын уурааҕынан бигэргэтиллибитэ. Ити сибидиэтэлистибэҕэ ханнык көмө, чэпчэтии көрүллэрэ барыта ыйылла-сурулла сылдьар. Онно олоҕуран биһиги көмөлөһүү үлэтин ыыта олоробут. Хас биирдии маннык дьиэ кэргэҥҥэ социальнай паспордар олохтоммуттара. Онно ханнык буойун ханна, хаһан төрөөбүтүттэн, тус төлөпүөнүттэн саҕалаан туох көмөнү ылбытын/ылбатаҕын туһунан дааннайдары барытын киллэрбиппит, манна ким туох көмөҕө наадыйара, көмө оҥуһуллуута хонтуруолга тутуллар. Төһө киһи байыаннай дьайыыга ханна кытта сылдьара бүүс бүтүннүү испииһэктэнэр.
Ити испииһэкпитигэр атын сиргэ көһөн олорбут, үлэлээбит биир дойдулаах буойуттарбыт төрөппүттэрэ эмиэ киирэллэр, көмөнү ылаллар. Буойуттар дьиэ кэргэттэригэр биһиги төлөпүөннэрбит барыта бааллар. Кинилэр ханнык көмөҕө наадыйдылар даҕаны эрийэн этэллэр. Ол курдук, итинник сайаапкалары анал таблицаҕа киллэрэммит, оҕо саадыгар оҕону киллэрии, пааспары сүтэрии, саҥаттан оҥоруу уо.д.а. боппуруостар бары толоруллан иһэллэр. Тоҕус нэһилиэкпит баһылыктарын кытта ыкса сибээскэ бииргэ үлэлээн, кимиэхэ муус, мас, онтон да атын кыһалҕалары быһаарыыга үлэ тохтоло суох барар. Бастаан утаа, пааспардарын, онтон да атын докумуоннары сүтэриилэр бааллара, онно тута көмөлөһөн, боппуруоһу түргэнник быһаарыллыбыта. Ханнык да боппуруоһу болҕомто таһыгар хаалларбаппыт.
Улуус баһылыгын таһымыгар уоппускаҕа кэлэр буойуттарбытын, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүүлэри тэрийэн ыытабыт. Байыаннай сулууспаҕа хомуур биллэриллибитин кэннэ сэтинньи уонна ахсынньы ыйдар бүтүүлэригэр саллааттар дьиэ кэргэттэрин кытта истиҥ быһыыга-майгыга көрсүбүппүт. Итинник түгэннэргэ уолаттар эҕэрдэлэрэ уо.д.а. көстөр видеороликтарын устубуппут. Роликпытын хас саллаат кэллэҕин аайы буолар көрсүһүүлэртэн салгыы устан эбэн биэрэн иһэбит.
Бу сылга тохсунньуга көрсүһүү буолуохтаах этэ да, биир уолбут байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр сырдык тыына быстан, сыҕарытан биэрбиппит. Хомойуох иһин, байыаннай дьайыыга кытта сылдьан суох буолбут уоллаттардаахпыт. Кинилэри аҕалыыга уонна ийэ буордарыгар туттарыыга толору көмөлөһөбүт.
Гуманитарнай көмөнү тиһигин быспакка хомуйан, туттара турабыт. Улуус баһылыга ааспыт сыл ахсынньытыгар гуманитарнай көмөнү илдьэ баран, буойуттарбытыгар туттарбыта, кинилэри кытта көрсөн, туох көмө, наада баарын ыйыппыта. Баһылык аны бу ыйга бараары тэринэ сылдьар. Бу бэс ыйыгар баһылыкпыт гуманитарнай көмө илдьэ барары былаанныыр. Маннык көрсүһүүлэргэ саллааттарга барыларыгар Мэҥэ Алдаҥҥа олорор норуот маастара оҥорбут сахалыы быһаҕын бэлэхтиибит. Уоппускалара бүтэн баралларыгар биһиги кинилэргэ тепловизор, сылаас таҥас, баһыылка тиксэрэммит, тус көмөбүтүн холбуу, кыттыһа олоробут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: