Судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганын отчуотугар өрөспүүбүлүкэ тутуутун миниистирэ Виктор Романов, Томпо улууһун ыалларыгар дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарыыга харчылаах сэртипикээттэри туттарда.
Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр 1,5 мөл. солк. суумалаах сэртипикээттэри элбэх оҕолоох Ивановтар, Татариновтар уонна Степановтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. Хаандыгаҕа 1,2 мөл. солк. суумалаах сэртипикээти – эдэр ыал Чиликиннэр, 716 тыһ. солк. – Носовец дьиэ кэргэнэ. Сэртипикээт суумата дьиэ кэргэн хас киһилээҕиттэн тутулуктаах.
“Быйылгы сылга Томпо улууһугар “2020-2024 сс. хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы уонна олох-дьаһах-хомунаалынай өҥөтүн хаачыстыбатын тупсарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн, олорор усулуобуйатын уон эдэр ыал тупсарыныаҕа, ол иһигэр, сэттэ элбэх оҕолоох уонна үс эдэр ыал”, — диэн Виктор Романов иһитиннэрдэ.
2024 сылга бырагыраамаҕа Байаҕантай нэһилиэгиттэн – 5, Мэҥэ Алдантан – 3, Хаандыгаттан – 2 ыал кытынна.
Социальнай төлөбүр быһыытынан судаарыстыбаннай өйөбүл 35-гэр диэри саастаах эдэр ыалга, ону тэҥэ, дьиэ атыылаһарга эбэтэр туттарга оросчуоттанар дьиэ сыанатыттан 30-35 % кээмэйдээх олорор усулуобуйатын тупсарары эрэйээччилэр учуоттарыгар турааччыларга көрүллэр.
Саха сиригэр 2018-2023 сылларга олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыныы социальнай төлөбүрүн ылыы быраабынан 2458 ыал туһаммыт.
Былырыын 467,8 мөл. солк. уопсай суумалаах дьиэ атыылаһар эбэтэр туттар социальнай төлөбүрү, 33 улуус уонна куорат уокуруктарыттан 370 эдэр ыал туппут, ол иһигэр 149 мөл. солк. федеральнай хааһынаттан, онтон хаалбыт суума судаарыстыбаннай уонна олохтоох бүддьүөттэн көрүллүбүт. Чуолаан Томпо улууһугар дьиэлэрин усулуобуйатын 12 мөл. солк. уопсай суумаҕа 9 эдэр ыал тупсарыммыт.
Элбэх оҕолоох ыалы өйөөһүн судаарыстыбаннай суолтатын туһунан РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хаста да этэн турар: “Арассыыйаҕа элбэх оҕолоох ыал – бу устуоруйа үгэһэ. Бу үгэһи төнүннэриэхтээхпит, элбэх оҕолонуу биһиги аныгы сайдыыбытыгар ирдэнэр, нуорма, уопсастыба сыаналаах бэлиэтин уонна судаарыстыба суолталаах инники турар соругун быһыытынан олохсуйуохтаах”.
Саха сиригэр хас биирдии бэһис ыал элбэх оҕолоох.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…