Салгыы
Томпоҕо күн ахсын 5000 кыталык көтөн ааһарын бэлиэтээтилэр

Томпоҕо күн ахсын 5000 кыталык көтөн ааһарын бэлиэтээтилэр

Ааптар:
05.10.2024, 12:30
Хаартыска: видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр Томпо улууһун Охотскай-Перевозка Кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөрдөр миграцияларын кэтиир «Куолума-Чаппанда» резерват баар.

Манна Саха сирин ураты харыстанар территорияларыгар уонна пааркаларыгар биоресурсалар дирекциятын исписэлиистэрэ күҥҥэ 4,8 тыһ. тахса кыталык көтөн ааһарын бэлиэтээтилэр. Ол туһунан дирекция ТГ-ханаалыгар биллэрдилэр. Дирекция исписэлиистэрин дааннайдарынан, балаҕан ыйын 14 күнүттэн барыта 6,5 тыһ. тахса көтөр сылаас сирдэринэн кыстыы көтөн ааһара бэлиэтэммит. Кинилэр көтөн туоруохтаах сирдэрэ — 6 тыһ. км. кэриҥэ.

Саха сирин үрдүнэн көтөрдөр күһүн сылаас сирдэринэн  көтөн ааһар күннэрин уһуна  ортотунан 9-18 күн буолар.

Санатан эттэххэ, Охотскай-Перевозка «Полет Стерха» аан дойдутааҕы орнитологическай обсерваторияны тэрийэр туһунан бырайыак оҥоһуллар. Бырайыагы Владивосток куоракка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Ил Дархан Айсен Николаев билиһиннэрбитэ.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: