Хаартыска: PxHere
Саха Сирин Үрдүкү суута «Лидер Плюс» салайар хампаанньа ааһыныытын көрөн баран, Томпо улууһун оройуоннаҕы суутун быһаарыытын уларыйыыта суох хаалларарга быһаарда.
Томпо оройуоннаҕы суута бу саас «Лидер Плюс» хампаанньаны 1 201 473 солкуобайы “Томпо национальнай (эбээн) нэһилиэгэ” тэриллиигэ төлүүрүгэр уураахтаабыта. 2023 сыл кулун тутар 21 күнүгэр экологическай кэтэбил рейдэтин кэмигэр Тополинай сэлиэнньэҕэ канализация уута халыйа сытарын бэлиэҕэ ылбыта. Туттуллубут ууну мунньар иһит аһары туолан, 21м*32,6м иэннээх тулалыыр сир кирдээх уунан буортуламмыт. Бу быһылаан буруйдааҕынан «Лидер Плюс» хампаанньа буолара чахчыланан боротокуолламмыт, КоАП 8.6 ыстатыйатын 2 чааһынан буруйга тардыллыбыт.
Эппиэккэ тардыллыбыт хампаанньа оройуоннаҕы суут бириигэбэрин сөптөөҕүнэн аахпакка үрдүкү сукка ааһыммыт эрээри, Саха Сирин Үрдүкү суутун коллегията оройуон суутун быһаарыытын сөптөөҕүнэн ааҕан, бириигэбэри уларытыыта суох хаалларбыт.
Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэһи мэктиэлээһининэн өйүүргэ саҥа бородуукта үлэлээтэ. Бу туһунан Урбааны сайыннарыы…
Дьокуускайга «Спортивнай» түөлбэҕэ сыл бүтүөр диэри элбэх өҥөнү оҥорор успуорт саалатын тутуута түмүктэниэ. «2021 сылтан…
Дьокуускайга алтынньы 24 күнүгэр Саха сиригэр уонна Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр анаммыт тэрээһиннэри ыытыахтара. Саха сирин…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна «Универсальнай университет» (Universal University) АН үрдүк үөрэх тэрилтэтин дириэктэрэ…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин хирургияҕа мобильнай киинэ Булуҥ улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар…
Бастатан туран, оҕолор уонна ыччат билимҥэ, чинчийэр үлэҕэ интэриэстэрин тардар сыалтан Саха сиригэр сыл аайы…