«Томтор-Өймөкөөн» суолун өрөмүөнүгэр олохтоох урбаанньыт Мария Гарифуллина ылыста

Share

Бүгүҥҥү күҥҥэ халаан иэдээнин чөлүгэр түһэрии үлэтин саамай хорук тымырынан «Томтор-Өймөкөөн» суолун өрөмүөнэ буолар.

Бу суолталаах үлэ бэдэрээччитинэн Үчүгэй нэһилиэгин урбаанньыта Мария Гарифуллина буолар. Мария Васильевна иһитиннэрбитинэн, 45 км уһуннаах суол 21 сиринэн алдьаммыт. Онтон 16 учаастагы оҥордулар.

«Икки погрузчик уонна үс улахан кыамталаах көлө үлэлии сылдьар. Быстах кэмҥэ суолу арыйар инниттэн бириэмэни билбэккэ үлэлиибит. Сыыйа суолу бөҕөргөтүүгэ 10 улахан кыамталаах көлө үлэлиэҕэ«, — диэн бэлиэттээтэ Мария Гарифуллина.

Үчүгэй нэһилиэгин урбаанньыта улуус суолларын бэрт хаачыстыбалаахтык оҥорорунан биллэр. Былырыын Төрүт суолун бу тэрилтэ оҥорбута. Төрүттэр «быйылгы халааҥҥа Гарифуллина суола бэркэ тулуста» диэн үөрэ кэпсэтэллэр. Онон «Томтор-Өймөкөөн» суола эрэллээх илиигэ киирэн, сотору кэминэн манна айан-сырыы бигэтик олохтонуоҕа.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алмазэргиэнбаан активын кээмэйинэн Арассыыйаҕа топ-100 баан иһигэр киирдэ

2025 сыл түмүгүнэн Алмазэргиэнбаан дойду үп ырыынагар бигэ тирэхтэннэ уонна Арассыыйа топ-100 баанын иһигэр киирдэ.…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

ИЛ ДАРХАН СУДААРЫСТЫБАННАЙ НАҔАРААДАЛАРЫ ТУТТАРДА

Саҥа сылы көрсө бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев  РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин…

16 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Уопсастыба

Дьон казиноттан уонна да атын оонньуулартан бэйэлэрин бобор кыахтаныахтара

Бэйэлэрин кыайан туттуммат дьоҥҥо Госдума маннык сокуону ылынна. Азартаах оонньуулартан босхолонуон баҕарар киһи бэйэтигэр бобууну…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин оскуолаларыгар мэдиссиинэ 96 хоһо үлэлиир

Быйыл Саха сирин оскуолаларыгар мэдиссиинэ хосторун үлэлэрин сөргүттүлэр. Маннык үлэни саҕалыырга Ил Дархан Анал этиитэ…

25 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кытыйа, хамыйах арааһа

Кытыйа, хамыйах арааһын билэҕин дуо? Маны көр. Кытыйа арааһа Кытыйа - миискэ курдук дьоҕус мас…

46 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Нэдиэлэ иһигэр икки сүүстэн тахса психологическай көмө оҥоһулунна

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Донааҕы Ростовка госпиталларга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, уопсайа 180…

1 час ago