Ханнык баҕарар суолталаах тэрээһиҥҥэ ким эрэ оҥорон, дьаһайан биэрэрин кэтэспэккэ, дьон бэйэтин ис сүрэҕиттэн кыттар, ылсар буоллаҕына, санаа хоту бары барыта табыллар.
Өймөкөөн улууһугар ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын улуус олохтоохторо үгүс үлэни бэйэлэрэ көҕүлээн ыыттылар. Ол курдук, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала Люция Егорова Олоҥхо ыһыаҕын хамыыһыйатыгар нэһилиэк кырдьаҕастарыгар сөрүүкүүр, сынньанар сир оҥорор наадатын туһунан этии киллэрбитэ. Кини этиитин Никифор Протопопов өйөөн, Томтор нэһилиэгин кыахтаах уолаттарын көҕүлээн, Федор Филиппов, Петр Протопопов, Альберт Андреев, Юрий Титович, Гаврил Кириллин — хас биирдиилэрэ 150 000 солкуобайы кыттыһан, киин куораттан 750 000 солкуобайга тутуу матырыйаалын атыылаһан, тиэйэн аҕалан биэрбиттэрин Никифор Протопопов ыһыах түһүлгэтигэр үлэлии сылдьар Яроевтар тутуу биригээдэлэрин кытта кэпсэтэн туттарбыта. Тутууга сылдьар уолаттар Томтор кырдьаҕастарыгар Олоҥхо ыһыаҕынан уонна Үлэ сылынан сибээстээн, сынньалаҥ «беседканы» босхо тутан биэрэн, үйэлээх бэлэҕи ууннулар. Онон «Көмүс күрүөҕэ» эбии биир кэрэ көстүүлээх тутуу баар буолла.
— Кырдьаҕастарга анаммыт «беседканы» оскуола бэтэрээн учууталлара Светлана Неустроева, Валентина Сивцева, Любовь Лазарева, Агафья Луковцева, Любовь Березкина уонна барытыгар көхтөөх кэллиэгэлэрбит Мария Балаева, Матрена Заболоцкая, Ульяна Посельская, Полина Атласова буолан күүстээх көмө оҥордубут. Ыһыаҕы тэрийээччилэр көрдөһүүлэринэн «беседкабытыгар» Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхону нуучча, английскай уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан 100 киһини аахтарыы аахсыйатыгар ылан, быйыл кырдьаҕастарбытын онно сынньаппатыбыт.
Ол эрээри эһиилгиттэн ыла кырдьаҕастарбыт олорон сынньанар, сөрүүкүүр кэпсэтэр сирдэннилэр диэн олус үөрэбит. Томтор нэһилиэгин кыахтаах уолаттарыгар, кинилэри үтүө дьыалаҕа көҕүлээбит Никифор Протопоповка барҕа махталбытын тиэрдэбит, арчылаах алгыспытын аныыбыт, — диэн санаатын үллэстэр учуутал Люция Егорова.
Маны таһынан, киин түһүлгэ тырыбынатын тутааччы, Өймөкөөн улууһун ыччата Аркадий Канаев бэдэрээтчитинэн кэлэн, Томтор уонна Сордоҥноох нэһилиэктэрин ыччаттарыттан таҥыллыбыт биригээдэни хомуйан, уолаттарын хамнастаан, бэрт хаачыстыбалаахтык туппуттара.
… Ити курдук, Өймөкөөн улууһун олохтоохторо үгүс үтүө дьыаланы оҥорбуттарын киһи ааҕа туруон сөп. Ол да иһин быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа дьон өйүгэр-санаатыгар үтүө өйдөбүл быһыытынан хаалла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: