“Тоҥ балык” – дьон сөбүлүүр тэрээһинэ
Быйыл кыһыҥҥы туризм бэстибээлин иитинэн ыытыллар «Тоҥ балык — 2023» күрэхтэһиигэ балыгы кыһарга 16 хамаанда кыттаары бэлэмнэнэр.
Тэрээһин сүрүн ирдэбилэ – эр киһи кыһар, дьахтар ону тэриэлкэҕэ тупсаҕайдык ууран дьүүллүүр сүбэҕэ тиксэрэр. Кыайыылааҕы түргэн бириэмэ быһаарар. Ахсынньы 3 күнүгэр Ю.А. Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр ыытыллар кэрэхсэбиллээх күрэс үс сорудахтаах: дьиэтээҕи үлэ (сиикэй балыктан талбытынан бүлүүдэ), сүүмэрдиир түһүмэх уонна кыайыылааҕы быһаарар түгэн. Сүүмэрдээһин түмүгэр 6 хамаанда хаалан, бастыыр иһин киирсиэхтэрэ.
Быйылгы бириис — харчынан бириэмийэ кыттааччыларга салгыы сайдалларыгар туһалыаҕа. Ол курдук:
«Дьиэтээҕи үлэ» — 20 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт;
«Түргэнник кыһыы» — 30 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт;
«Кыһыы хаачыстыбата» — 40 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт;
«Гран-при» — 50 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт.
«Тоҥ балык-2023» буолар күнүгэр Ю.А. Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинин аттыгар тоҥ балык уонна эт арааһын атыытын дьаарбаҥката буолуоҕа. Маны таһынан, сир аһа эмиэ хото атыыланыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: