«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” («Строганина”) балык кыһыытын күрэһэ буолар.
Уонтан тахса сылы быһа бу тэрээһин сылы быһа ыытыллар үгэскэ кубулуйда. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куонкуруска кыттаары хоту улуустар бэрэстэбиитэллэрэ хото бэлэмнэнэн эрэллэр. Кыттааччылар сайаапкаларын сэтинньи 28 күнүгэр диэри биэрэллэр.
Быйыл бириистэрэ маннык буолла:
— “Дьиэтээҕи сорудах” номинация – 20 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт.
— “Түргэн кыһыы” номинация — 30 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт.
— “Кыһыы хаачыстыбата” номинация – 40 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт.
— “Гран-при” — 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээт.
“Тоҥ балык” («Строганина”) балык кыһыытын күрэһэ ахсынньы 1 күнүгэр “Өрөгөй” («Триумф») успуорт киинигэр буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: