Соторутааҕыта Өлүөнэ өрүскэ биэс куосканы бырахпыттарын туһунан сонун социальнай ситимнэринэн тарҕаммыта. Ааһар айан дьоно куоскалар тоҥон түүрүллэн олороллорун көрөн, социальнай ситимҥэ ыҥырыы таһаарбыттара.
Сотору кэминэн куоскалары ааһан иһэр массыына тохтоон куоракка аҕалтаабыт. Куоскалары ылбыт дьахтар бэйэтигэр хаалларар кыаҕа суох буолан, ГРЭС оройуонугар баар уопсай дьиэҕэ хаалларбыт. Ол эрээри, куоскалар тымныы көрүдүөр муостатыгар хам сыстан хаалбыттар. Кыыллары көмүскэһээччи Злата Сычева суһаллык тиийэн куоскалары өрүһүйбүт. Ол эрээри билигин даҕаны биир куоска туруга мөлтөҕүн, аанньа аһаабатын туһунан кини бэйэтин инстаграм сирэйигэр суруйбут.
Биһиги Злата Сычеваҕа сибээскэ таҕыстыбыт.
— Куоскалары барыларын дьиэбэр аҕалбытым. Биир куоска оҕото туруга олох мөлтөх. Көрүдүөр муостатыгар хам сыстан хаалбытын нэһиилэ арааран ылбыппыт. Атахтарын, кутуругун үлүппүт. Олох аһаабат. Бэтэринээринэй килииникэҕэ илдьэн укуол туруортаран, эмтэтэн көрдөрө сылдьабыт. Куоскаларга аналлаах приют куоракка суох. Волонтердар бэйэлэрин күүстэринэн «Четыре лапки» диэн тэрийэннэр, дьиэ куортамнаан хаһаайына суох куоскалары онно тутабыт. Биһиги бу биэс куоскаҕа быһыы туруортаран баран, ол дьиэҕэ ыытыахпыт. Мөлтөх туруктааҕы бэйэбэр хаалларыам. Дьон кытаанаҕын сөҕөбүн. Бу кыһын эмиэ иэдээннээх быһылаан тахсыбыта дии. Алта куоска оҕотун тымныы ууга уган баран таһырдьа бырахпыттар этэ. Тыынар тыыннаахха хайдах маннык кырыктаах буолуохха сөбүй? Санаам хоппот. Куоска оҕолорун сатаан ииппэт буоллахха, баһаалыста, куосканы «ыраастыыр» диэн өҥө баар.
Киһи көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт дьиэ кыыла, чуолаан куоска ото-маһа суох сиргэ тиийдэҕинэ, тоҥон өлөр кутталланар. Оттон маннык быраҕыллыбыт ыт бэйдиэ баран адьырҕатыйар. Хаһааҥҥа диэри эппиэтинэһэ суох дьонтон сылтаан маннык балаһыанньа салҕанарый?
Хаартытскалар Злата Сычева тус архыыбыттан туһанылыннылар.
https://t.me/Zlata_tv
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс…
Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…
Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…