Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

Share

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына, балыкка баар”, — диир итиэннэ балыгы сиикэйдии тууһаан эбэтэр тоҥнуу кыһан сииргэ тугу тутуһуохха, туохтан сэрэниэххэ сөбүн маннык сүбэлиир.

Саха сиригэр үксүн чыыр (муҥур), тууччах, муксуун (чорбоҕор), уомул, сорох улуустарга дьарҕаа, күндүөбэй балыктары тоҥнуу кыһан сииллэр. Бултаммыт балыгы ууттан хостоон таһаараат тута дөйө тоҥордоххо, үөнэ (паразита) өлөр. Учуонайдар чинчийэн көрүүлэринэн, майаҕастыҥы балыктарга (муҥур, тууччах, чорбоҕор, уомул, о.д.а.) паразит 70-ча көрүҥэ баара биллэр. Балартан киһиэхэ “лентец чаечный” диэн биир көрүҥ сыстар. Бу үөн хопто, киһи, ыт оһоҕосторугар үөскүүр. Личинкэтэ майаҕастыҥы балыктар куртахтарын таһыгар маҥан циста иһигэр олохсуйар. Ситэ буспатах, тууһамматах, тоҥмотох балыктан киһи этигэр-хааныгар кэбэҕэстик киириэн сөп. Дьон, үгэс курдук, сайын-күһүн балыктыы сылдьан, “5-минутка” дэнэр ньыманан тууһаабыт балыктарыттан сысталлар.

Бу эппит паразитым таһынан киһиэхэ куттала суох гынан баран, балыгы биллэрдик дьүдэтэр үөннэргэ миксоспоридиоз уонна триэнофороз киирсэллэр. Миксоспоридиозка балык былчыҥын быыһыгар маҥан цисталар үөскүүллэр. Олору тэстэххэ, истэриттэн ириҥэтиҥи убаҕас тохтор. Үксүн маннык үөҥҥэ уомул сутуллар. Ол иһин уомулу тоҥнуу кыһан сииртэн туттунар ордук. Муҥурга, чорбоҕорго эбэтэр, аныгы дьон нууччалыы тартаран этэ үөрэммиттэринэн, чыырга, муксууҥҥа эттэрин быыһыгар триэнофороз личинкэтэ олохсуйар. Бу паразит биирдэ эмит дьүдэх чыырга көстөөччү. Киһиэхэ куттала суох.

Тоҥнуу кыһан сииргэ үөнэ суоҕунан тууччах ордук барсар. Ол кэнниттэн чыыртан бөдөҥүн уонна эмиһин талан сииргитигэр сүбэлиибин. Лентец личинкэтин өлөрөргө балыгы хас кыраадыс тымныыга төһө уһуннук тоҥоруохха сөбүн көрдөрөбүн: 12 кыраадыс тымныыга 60 чаас сытыарыллыахтаах, -20-ҕэ 36, -27-ҕэ 7, -30-ка 6 чаас дөйө тоҥордоххо сөп буолар.

2016 сыллаах архыыптан

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…

12 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

УАЗ массыына Бүлүү улууһугар муус анныгар түспүтэ билиннэ

Бүгүн социальнай ситимнэринэн  хайа эрэ улууска муус анныгар массыына түспүт хаартыската тарҕанан, үгүс дьон айманна.…

12 часов ago