Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

Share
ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына, балыкка баар”, — диир итиэннэ балыгы сиикэйдии тууһаан эбэтэр тоҥнуу кыһан сииргэ тугу тутуһуохха, туохтан сэрэниэххэ сөбүн маннык сүбэлиир.
Саха сиригэр үксүн чыыр (муҥур), тууччах, муксуун (чорбоҕор), уомул, сорох улуустарга дьарҕаа, күндүөбэй балыктары тоҥнуу кыһан сииллэр. Бултаммыт балыгы ууттан хостоон таһаараат тута дөйө тоҥордоххо, үөнэ (паразита) өлөр.
Учуонайдар чинчийэн көрүүлэринэн, майаҕастыҥы балыктарга (муҥур, тууччах, чорбоҕор, уомул, о.д.а.) паразит 70-ча көрүҥэ баара биллэр. Балартан киһиэхэ “лентец чаечный” диэн биир көрүҥ сыстар. Бу үөн хопто, киһи, ыт оһоҕосторугар үөскүүр. Личинкэтэ майаҕастыҥы балыктар куртахтарын таһыгар маҥан циста иһигэр олохсуйар. Ситэ буспатах, тууһамматах, тоҥмотох балыктан киһи этигэр-хааныгар кэбэҕэстик киириэн сөп. Дьон, үгэс курдук, сайын-күһүн балыктыы сылдьан, “5-минутка” дэнэр ньыманан тууһаабыт балыктарыттан сысталлар.
Бу эппит паразитым таһынан киһиэхэ куттала суох гынан баран, балыгы биллэрдик дьүдэтэр үөннэргэ миксоспоридиоз уонна триэнофороз киирсэллэр. Миксоспоридиозка балык былчыҥын быыһыгар маҥан цисталар үөскүүллэр. Олору тэстэххэ, истэриттэн ириҥэтиҥи убаҕас тохтор. Үксүн маннык үөҥҥэ уомул сутуллар. Ол иһин уомулу тоҥнуу кыһан сииртэн туттунар ордук. Муҥурга, чорбоҕорго эбэтэр, аныгы дьон нууччалыы тартаран этэ үөрэммиттэринэн, чыырга, муксууҥҥа эттэрин быыһыгар триэнофороз личинкэтэ олохсуйар. Бу паразит биирдэ эмит дьүдэх чыырга көстөөччү. Киһиэхэ куттала суох. Тоҥнуу кыһан сииргэ үөнэ суоҕунан тууччах ордук барсар. Ол кэнниттэн чыыртан бөдөҥүн уонна эмиһин талан сииргитигэр сүбэлиибин. Лентец личинкэтин өлөрөргө балыгы хас кыраадыс тымныыга төһө уһуннук тоҥоруохха сөбүн көрдөрөбүн: 12 кыраадыс тымныыга 60 чаас сытыарыллыахтаах, -20-ҕэ 36, -27-ҕэ 7, -30-ка 6 чаас дөйө тоҥордоххо сөп буолар. Үөһэ ыйыллыбыты барытын тутустаххытына, тоҥ эмис балык Саҥа дьыллааҕы сандалыгыт маанылаах аһа буоларыгар саарбахтаабаппын. Минньигэстик аһааҥ!

Василий НИКИФОРОВ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

12 часов ago