Тоҥнуу кыһыллыбыт балык туһатын туһунан бастакы ханаалга кэпсээтилэр
Саха сирин ресторатордара Иннокентий уонна Ньургустаана Лукиннар Елена Малышева ыытар “Жить здорово” биэриитигэр кытыннылар. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо чыыр балыктан астанар бүлүүдэ туһунан билиһиннэрдилэр диэн Саха сирин ыалдьытымсах быһыы ассоциацията иһитиннэрбитин «Якутия дэйли» суруйар.
Биллиилээх ыытааччы, мэдиссиинэ билимин дуоктара Елена Малышева кыһыллыбыт балык арыы кэриэтэ айахха киирэн ууллан хаалар диэн бэлиэтээтэ. Итиэннэ генетика чинчийиитэ көрдөрүүтүнэн Саха сирэ Арассыыйа саамай сайдыылаах эрэгийиэнэ диэн эбэн эттэ.
Иммунологияны иҥэн-тоҥон үөрэтэр бэрэпиэссэр Андрей Продеус кыһыллыбыт тоҥ балык ыраас белок буолар, сыаны уонна аминокислоталары кытта эккэ-сииҥҥэ иҥэр диэн этэр. “Балык элбэх белоктаах, олус элбэх омега-3 баар, сыалаах кислоталар бары кэриэтиэ түмүллүбүттэр. Ньиэрбэ волокнолара үлэлииллэригэр улахан оруоллаахтар, сүрэҕи, сүрэх-тымыр ыарыыларыттан харыстыыллар”, — диэн бэрэпэссиэр этэр. Ону тэҥэ, кини тоҥнуу кыһыллыбыт балык атын туһалаах элэмиэннэрэ (холобур, фосфор) киһи уҥуоҕун кытаатыннаралларын ыйар. Биэриини манна көрүөххүтүн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: