Тонометр хас биирдии дьиэҕэ баар буолуохтаах
Тонометр хаан баттааһынын мээрэйдииргэ аналлаах. Хаан баттааһынын тиһигин быспакка хонтуруоллааһын инфаркт уонна инсульт курдук уодаһыннаах ыарыыттан сэрэтиэн сөп.
Кырдьаҕас дьон дьиэлэригэр тонометрдаах буолаллара ордук. Итинник прибору чугас дьоҥҥут төрөөбүт күннэригэр эбэтэр Саҥа дьылга бэлэхтииртэн кыбыстымаҥ. Ол аата эһиги
кинилэри кытары инникитин элбэх бырааһынньыгы бииргэ ылар баҕалааххытын көрдөрөҕүт.
Тонометр 40-н тахсан эрэр саастаах дьоҥҥо эмиэ олус наадалаах. Ордук кинилэр хааннарын баттааһына үрдүгүн билэр буоллахтарына.
Саахар диабеттаах дьоҥҥо эмиэ наада. Уопсайынан, бу прибор хас биирдии дьиэҕэ баар буолуохтаах.
Хаан баттааһынын үрдээһинэ (гипертония) — уодаһыннаах ыарыы. Кини өр кэмҥэ тастан биллэрбэккэ сылдьан баран, биирдэ «охсуон», ыарахан содуллаах буолуон сөп. Онон куттал үөскээбэтин биир эрэ ныманан хааччыныахха сөп: хааныҥ баттааһынын күҥҥэ 2-3 мээрэйдэнэн уонна нуорматтан 10-15 пуунунан уларыйдаҕына, бырааһы
ыҥыран
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: