Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр «Тонор» сылгыны үөрдээн иитии бөдөҥ хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ сылгыларын арааран, эбии аһылыкка киллэрдилэр.
Бу күннэргэ сылгыһыттар толооҥҥо сылдьар сылгыларын көрдүлэр, сэлээтилэр. Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Алексей Винокуров маннык кэпсиир:
— Бүгүҥҥү балаһыанньанан, сылгы 20%-на ырыганнаабыт. Хаһаайыстыбалар ырыганнаабыттары арааран, эбии аһылыкка киллэрэн эрэллэр.
Кэнники сылларга түспэтэх улахан тибии сорох сиргэ аты уйар гына типтэ. Ол иһин сылгы сорох аартыгын «Урал» массыынанан тоҕо кэстэрэн, ол суолунан сылгыны үүрэн аҕаллыбыт.
Төрүөх саҕаланна. Бу күннэргэ сылыйан бардаҕына, төрүөх этэҥҥэ ааһыаҕа. 30-тан тахса биэни сылгыһыттар эбии аһылыкка киллэрдилэр. Биллэн турар, үөргэ биирдии-иккилии көтөх сылгы баара чахчы. Үксэ эдэр, тииһиир үс саастаах тиҥэһэлэри уонна кырдьаҕас сылгылары эбии аһылыкка киллэрдибит. Орто саастаахтар тулуурдаахтар.
… Ити курдук, Өймөкөөҥҥө саха сылгытын боруодатын иитэр хаһаайыстыба кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэр.
Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар бүгүн 2025 с. уонна 2026-2027 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөт ылылынна. Ил…
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…
Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ -- аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…
Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…
Мин соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей” оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.) сылдьан,…
Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…