Тополинай удьуор табаһыт ыала Стручковтар тустарынан киинэ сүрэхтэннэ

Share

Бу күннэргэ киин куоракка Томпо улууһун Тополинай нэһилиэгин олохтоохторо, элбэх оҕолоох Стручковтар дьиэ кэргэн туһунан документальнай киинэ сүрэхтэннэ.

Стручковтар төрүт тылларын, үгэстэрин, култуураларын илдьэ сылдьар аҕыйах ахсааннаах эбээн омук сыдьааннара.  Документальнай киинэҕэ кинилэр олохторо-дьаһахтара, күннээҕи үлэлэрэ-хамнастара, кыһалҕалара, дьиэ кэргэн үөрүүлээх түгэннэрэ итэҕэтиилээхтик ойууланар. Киинэ режиссера —  СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы минстиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Победа» социальнай харысхал Ресурснай киинин исписэлииһэ  Варвара Кулаковская. Киинэни устар бөлөх ый устата ыстаадаҕа сылдьан, чаастан ордук көстөр киһи болҕомтотун тардар документальнай киинэни оҥорон, көрөөччү дьүүлүгэр таһаарда. Киинэ режиссера санаатын маннык үллэһиннэ:

Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева көһө сылдьар дьиэ кэргэттэргэ туһаайыллыбыт сокуон хайдах ылыллыбытын билиһиннэрдэ.

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министирэ Елена Волкова киинэҕэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэри сырдатар, чиэстиир өрөспүүблүкэтээҕи куонкурустар тустарынан билиһиннэрдэ.

Удьуор табаһыттар Стручковтар дьиэ кэргэн Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дьиэ кэргэн-2023» куонкурус «Семья — хранитель традиций» диэн ааттаах номинацияҕа кыайыылааҕынан буолбута.  РФ Уопсастыбаннай палаататын  демографияҕа, оҕо уонна дьиэ кэргэн харыстабылыгар, үгэс буолбут дьиэ кэргэн сыаннастарыгар хамыыһыйа  салайааччыта Сергей Рыбальченко табаһыт Дмитрий уонна Варвара Стручковтары уруккуттан билэр чугас дьонун курдук көрсүбүтүттэн үөрбүтүн бэлиэтээтэ.

Сергей Рыбальченко Стручковтары кытта Москваҕа көрсүбүтүн аҕынна уонна кинилэргэ Махтал суругу, сыаналаах бэлэҕи туттарда.

Режиссер Варвара Кулаковская табаһыт дьахтар олоҕун кэпсиир киинэни устуон баҕарбыта өр буолбут эбит. Кини былырыыҥҥыттан бу иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаатын олоххо киллэриитэ, быйылгы Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылыгар түбэһэн, саха дьонугар бэртээхэй бэлэҕинэн буолла.

Стручковтар дьиэ кэргэн киэн туттуута, эдэр ыал ийэтэ Варвара ыстаада олоҕун туһунан кэпсиирин устар бөлөх утары көрдөрөн иһэр буолан, киһи бу ыалы кытта ыстаадаҕа сылдьар курдук сананар.

Киинэ режиссера Варвара Кулаковская 90-с сылларга «Саха» НКИХ «Геван» биэриитин салайааччыта Анатолий Гоголев Томпо Тополинайын ыстаадатыгар сылдьан Стручковтар дьиэ кэргэни устарыгар Варя кыыс оҕо сааһа көстөн ааспытын ахтан аһарда.  Ол каадырдар киирбиттэрэ, киинэ ис хоһоонун, биллэн турар, тупсаран биэрдэ.

Киинэҕэ биир кэрэхсэбиллээх холобур ахтыллан ааста. Ыал буолуон иннинэ Варвара 19 саастаах күтүөттүү сылдьар Димаҕа «биһиги Стручковтар дьиэ кэргэн кыыс оҕолордоох ыал буолан, хомойуох иһин, аҕабыт удьуорун, кини араспаанньатын ааттатар кыахпыт суох…» диэн этэн ааспыт эбит. Арай саахсалана тиийэн баран, эдэр киһи «Стручковтар диэн ыал буолабыт» диэн дьонун үөрдүбүт! Ити курдук,   Томпо удьуор табаһыт сис ыалын  Стручковтар ааттарын кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ дорҕонноохтук ааттата сылдьаллар. Күтүөт Дмитрий ол түгэн туһунан бу курдук кэпсиир:

Эдэр табаһыт ыал суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Варвара Стручкова өйөбүл баарын ахтан туран, хаһаайыстыбатын  туһунан маннык кэпсээтэ:

Салгыы табаһыт ыал ийэтэ таба ахсаанын элбэтэр былааннаахтарын туһунан санаатын үллэһиннэ:

Ити курдук, Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылыгар бу күннэргэ буола турар гражданскай пуорум чэрчитинэн ыытылла турар тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн эбээн ыалын олоҕун туһунан киинэ сүрэхтэниитэ буолла.  Саха киинэтин устуоруйатыгар өссө биир дириҥ ис хоһоонноох үлэ  баар буолла.  «Победа» социальнай харысхал Ресурснай киинин исписэлииһэ, киинэ режиссера  Варвара Кулаковскаяҕа бэртээхэй киинэни оҥорон бэлэхтээбитигэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит уонна өссө да маннык кэскиллээх бырайыактары салгыы олоххо киллэрэн иһэригэр баҕарабыт.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago