ТОР и РИП резиденнэрэ Саха сиригэр 228 млрд солкуобай инвестицияны хааччыйдылар
Урутаан сайдыы сирин-уотун (ТОР) уонна эрэгийиэннээҕи инвестиция бырайыактарын (РИП) резиденнэрэ өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр бырайыактары олоххо киллэрии кэмигэр 228 млрд инвестицияны тартылар, 18 тыһыынча үлэ миэстэтэ тэрилиннэ.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустан Борисов “Төгүрүк остуол” мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Мунньахха экэниэмикэ араас салааларыгар нолуок ороскуоттарын көдьүүһүн көрдүлэр.
Дьүүллэһии кэмигэр бырамыысыланнаска олохтоох каадырдары үлэҕэ ылыы боппуруоһун көрдүлэр. ТОР-дарга уонна РИП-тэргэ бастайааннай үлэ миэстэлэрин тэрийиини. Арктика олохтоохторун иннилэригэр сир баайын хостооччулар социальнай эппиэтинэстэригэр болҕомто уурулунна.
Дьулустан Борисов эрэгийиэн былаастара Саха сирин сирэ-уота инвестордары тардар туһугар күүстэрин ууралларын бэлиэтээтэ. Маныаха нолуокка уонна бүддьүөт бэлиитикэтигэр сөптөөх сыһыаҥҥа олоҕураллар.
“Нолуок ороскуоттара эрэгийиэннэр нолуок уонна бүддьүөт бэлиитикэтин сорҕотунан буолаллар. Тоҕо диэтэххэ, нолуокка чэпчэтиилэри көрүү, босхолооһун уонна да атын преференциялар үгүс түгэҥҥэ инвестицияны тардыыга, госбүддьүөт дохуоттарын үүнүүтүгэр уонна саҥа үлэ миэстэтин тэрийиигэ туһуланалар”, — диэтэ Саха сирин бастакы вице-премьерэ Дьулустан Борисов.
Санаттахха, 2019 сылтан Саха сирин экэниэмикэтигэр 2,3 трлн солк. инвестицияланна. 2030 сылга экэниэмикэҕэ саҥа бырайыактар көмөлөрүнэн 4 триллион солкуобайы киллэриэхтэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уона Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: