Трамп Си Цзиньпинныын элбэх боппуруоска сөбүлэһиигэ кэлбиттэрин туһунан эттэ
INTERFAX.RU иһитиннэрбитинэн, АХШ бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп сөмөлүөтүгэр олорон суруналыыстарга Кытай бэрэсидьиэнэ Си Цзиньпинныын элбэх боппуруоска сөбүлэһии түһэрсибиттэрин туһунан эттэ.
«Элбэх быһаарыы ылылынна. Элбэх боппуруоска сөбүлэһиигэ кэллибит,» – диэн баран, көрсүһүү «бэрт үчүгэйдик ааспытын» эбэн эппит.
Кини нуултан 10-ҥа диэри шкаланан, 10 бастыҥ буоллаҕына, көрсүһүүнү 12-нэн сыаналыам этэ диэбитин CNN иһитиннэрэр. Бу сыһыан дьоһун суолталааҕын учуоттаан туран, барыта үчүгэйдик барда диэбит.
Трамп өссө муус устарга Кытайга кэлиэн баҕарарын, ол кэнниттэн Си Цзиньпин АХШ-ка, холобур, Флоридаҕа эбэтэр Вашингтоҥҥа сылдьыан сөбүн туһунан этэр.
Кытайы кытта атыы-эргиэн дуогабарын туһунан эттэххэ, АХШ бэрэсидьиэнэ сотору илии баттаһыахпыт диэбит, тоҕо диэтэххэ, өрүттэргэ “мэһэйдэһиэх айылаах оннук элбэх суох». Ол хайдах буолуохтааҕын сиһилии эппэтэх гынан баран сөбүлэһиини сыл аайы түһэрсиэххэ сөбүн, ол гынан баран кэлин уһун болдьохтоох буоларыгар эрэнэрин биллэрбит.
Лиидэрдэр Пусаннааҕы кэпсэтиилэрэ балтараа чаастан ордук буолбут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: