Салгыы
Трихинеллезтэн сэрэниҥ!

Трихинеллезтэн сэрэниҥ!

15.10.2022, 14:00
Бөлөххө киир:

Мииринэй оройуонугар бэтэринээрдэр чинчийэр лабораторияҕа соторутааҕыта бултаныллыбыт тыатааҕы этин трихинеллезкэ бэрэбиэркэлээбиттэр.

Ол курдук, трихинеллоскопия көмөтүнэн чинчийии түмүгэр бу ыарыы суоҕа бигэргэммит. Быйыл тоҕус ый түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ бэтэринээринэй управлениеларыгар трихинеллез ыарыытын чинчийиигэ уопсайа 319 боруобаны сибиинньэ этигэр уонна да атын  кыылларга оҥорбуттар. Чинчийиилэр түмүктэрэ ыарыы суоҕун бигэргэппит. Ол да буоллар, трихинеллез саҕа сэрэхтээх, түргэнник тарҕанар, киһи хараҕар көстүбэт гельминт личинкэлэрэ олус сэрэхтээхтэр. Бу паразитнай инфекция ордук  тыатааҕыга, кабаҥҥа, бөрөҕө, саһылга, кырсаҕа, ону сэргэ дьиэ кыылларыгар  — ыкка, сибиинньэҕэ, куоскаҕа эмиэ көстүөн сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: