«Триумф» киинэ: саха өрөгөйүгэр кыттыстыбыт
Алтынньы 9 күнүгэр Михаил Лукачевскай «Триумф» киинэтин суруналыыстарга көрдөрдүлэр. Киинэ алтынньы 17 күнүгэр киэҥ экрааҥҥа тахсыаҕа. Артыыстар киинэҕэ хайдах уһуллубуттарын туһунан санааларын үллэһиннилэр.
Режиссер Михаил Лукачевскай киинэлэрин түөртүү-биэстии сыл баттаан сытан, чочуйарын сөбүлүүр. Оттон бу киинэтин былырыын устубуттар, биир сылынан, улуу тириэньэр Дмитрий Коркин төрөөбүтэ 95 сылын көрсө, киэҥ экрааҥҥа тахсан эрэр. «Алтынньы 17 күнүгэр диэри өссө да чочуйарбыт буолуо», — диэн режиссер этэр.
Киинэҕэ үгүстэрэ успуорка сыһыана суох дьон, артыыстар, оҕолор уһуллубуттар. Онуоха итэҕэтиилээхтик көрдөрөөрү, икки аҥаар ый инниттэн, анал тириэньэри анаан, дьарыктаабыттар. Артыыстар бу саамай ыарахан кэм этэ диэн билинэллэр: сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри дьарыктаммыттар. Холобур, Дьулусхан (Александр Иванов оруолун оонньообута) уонтан тахса киилэни түһэрбит. Оттон улуу тириэньэр оруолун итэҕэтиилээхтик толорбут Иннокентий Луковцев: «Төттөрүтүн, 5 киилэни эппитим», — диэн күлэр. Омуктар оруолларын толорор ХИФУ устудьуоннарын эмиэ дьарыктаабыттар. Онон, күлэ-үөрэ таарыйа этэллэринэн, икки ый иһигэр олох дьарыктамматах дьонтон тустууктары уонна артыыстары бэлэмниэххэ сөп эбит.
Бу манна саха киинэтин устуоруйатыгар аан бастаан «пластическай грим» диэни туһаммыттар. Луковцевы Коркиҥҥа ордук майгыннатаары, судургутук эттэххэ, сирэйин быһыытын эбии сыбаан, кырааскалаан, уларытан биэрэллэр эбит. Маны хас да чаас устата оҥороллор, ол иһин Луковцев сарсыарда 5 чааска туран, гримнэнэр, 9 чаастан үлэ саҕаланар. Киэһэ хойут бүтэн баран, гримин уһулар, онон аҕыйах чаас эрэ утуйан сылдьыбыт. «Ол эрээри, саамай уустуга курулас ардах анныгар чараас ырбаахылаах эрэ хас да чааһы быһа уһуллуубут буолар. Ол курдук тоҥон бабыгыраабыппын өтөрүнэн өйдөөбөппүн. Хата, ким да ыалдьыбатаҕа», — диэн СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев кэпсиир.
Онон киинэҕэ уһуллуу судургута суоҕа көстөн тахсар. Манна режиссер да, идэтийбит артыыстар да бэйэлэрин дьыалаларын «фанаттара» буолаллара эмиэ көстөр. «Саха кинематографистара — «авантюристар», улахан үбэ-харчыта суох, эрэйдэнэн-эрэйдэнэн баран, сыалбытын син биир ситиһэбит», — диэн Лукачевскай этэрэ оруннаах курдук.
Сүрүн оруоллары Семен Лукин (Дмитриев), Гаврил Менкяров (Пинигин) уонна Дьулусхан Андросов (Иванов) оонньоотулар.Кинилэр дьоруойдарыгар майгынныыллара көстөр. Лукин артыыс буолбатах, Тандаҕа хачыгаардыыр эбит, маны тэҥэ, мас уонна тимир ууһа.
Лукачевскай 2017 сыллаахха Санкт-Петербурдааҕы киинэ, тэлэбиидэнньэ институтугар үөрэнэ сылдьан, Роман Дмитриевы кытта билсибит эбит. Онно киинэ устар туһунан идиэйэ күөдьүйбүт. Тоҕоостоох түгэн үүнүөр диэри ол идиэйэтин илдьэ сылдьыбыт эбит. Павел Пинигин уонна Александр Иванов сценарийы кытта билсибиттэр, артыыстар оонньуулларын биһирээбиттэр. Онон кинилэр алгыстарын ылынан, киинэ уһуллан барбыт.
Соҕуруу дойду айылҕатын Нерюнгригэ баран устубуттар. Маны тэҥэ, Чурапчыга уонна Дьокуускайга үлэлээбиттэр. Режиссер таптыыр хараҕынан ыһыаҕы, ааспыт үйэ 60-с сыллардааҕы дьиэ ис бараанын, дьон сыһыанын дьүһүйбүтүн көрөбүт. Манна саха дьоно элбэҕи эрэнэр тустууктара Сахаачча олоҕун, күн сириттэн күрэниитин туһунан киирэн биэрбитэ эмиэ интэриэһинэй.
«Триумф» киинэ ис хоһоонун кэпсээбэппин. Бэйэҕит баран көрөргүт ордук. Онно саха өрөгөйдүүр түгэнигэр, үрдүк үөрүүтүгэр кыттыспыт, оччотооҕу кэмҥэ эргиллэн ылбыт курдук сананыаххыт. Маннык түгэннэри умнуо суохтаахпыт. Киинэни оҥорооччулар ол түгэннэри тилиннэрэн, илэ-чахчы баар гынан көрдөрөллөрө махталлаах суол. Ол да иһин бу киинэ дойдуга тапталы күөдьүтэр, үүнэр көлүөнэлэри үрдүк чыпчаалларга сирдиир сыаллаах буоллаҕа.
Бу киинэ кэнниттэн көрөөччү киэн туттан, бэйэтэ тугу эрэ ситиһиэн, үрдүккэ дьулуһуон, кыра да буоллар, хорсун быһыыны оҥоруон баҕаран тахсар. Ол да иһин, баҕар, бу тэттик ырытыы итиитинэ, утуйар уу умнуллан, түүннэри сурулуннаҕа…
Арай, тус бэйэм санаабар, киинэҕэ таптал, истиҥ сыһыан хайысхата ситэ сайдыбатах курдук. Баҕар, режиссер киинэни наһаа уһатымаары, соруйан аккаастаммыта буолуо. Бу киинэ документальнай буолбатах, уус-уран, онон дьиҥ олохтон уратылаах буолуон сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: