«Триумф» киинэ дойдуга тапталы саҕар

«Триумф» киинэ дойдуга тапталы саҕар

09.10.2024, 20:55
Ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Режиссер Михаил Лукачевскай «Триумф» киинэтэ кэтэһиилээх уонна саха норуотугар улахан суолталаах. Тоҕо диэтэр, кылаан чыпчаалга сирдээбит үс олимпийскай чөмпүйүөн устуоруйата билигин да хатылана илик.

Саҥа суолу арыйыы, аан дойду таһымыгар тахсыы, кыайыыга дьулуһуу, бэйэни кыайыы, туруулаһыы, сыралаах үлэ — барыта бу киинэҕэ баар. Ыра санаа сулус буолан умайара, кырачаан уолаттар биирдэ ылыммыт суолларыттан туораабакка, иннилэрин диэки баран иһэллэрэ, оччотооҕу олох түгэннэрэ итэҕэтиилээхтик көстөллөр.

Алтынньы 9 күнүгэр »Лена» киинэ тыйаатырыгар »Триумф» киинэни суруналыыстарга көрдөрдүлэр. Фойеҕа үс олимпиец 1972, 1976 сыллардаахха ылбыт мэтээллэрэ, спортивнай көстүүмнэрэ, улуу тириэньэр Коркин туһунан кинигэлэр быыстапкалара көрдөрүүгэ турбуттар.

Алексей Егоров, »Сахафильм» салайааччыта:
— Улахан, далааһыннаах, биһиги бары тумус туттар дьоммут туһунан киинэ таҕыста. Спорт миниистирэ Леонид Спиридонов идиэйэ киллэрбит киһинэн буолар. Уолаттар икки аҥаар ыйы быһа анаан эрчиллибиттэрэ. Долгуйабыт, көрөөччү үчүгэйдик ылыныа диэн эрэнэбит, оччотугар атын эрэгийиэннэргэ, тас дойдуларга да кынаттанан көтүө этэ дии саныыбыт.

Михаил Лукачевскай, режиссер:
— Эҕэрдэлиир эрдэ дии саныыбын. Алтынньы 17 күнүгэр улахан экраҥҥа көстүөҕэ. Саха киинэтин кистэлэҥин куруук таайа сатыыллар. Киинэни оҥорооччулар этэбит: ол кистэлэҥмит — биһиги көрөөччүбүт. Эһиги хайдах сыанлыыргытыттан улахан тутулуктаах.

Спорт миниистирэ Леонид Спиридонов бырабыыталыстыбаҕа, Ил Дархаҥҥа үбүлээбиттэригэр махтанна уонна саха дьонун спорт туһунан дьоһун киинэ тахсыбытынан эҕэрдэлээтэ.

— Билигин ыччаты дойдуга тапталга иитии күүскэ барар. Кинилэргэ бу киинэни көрөн, дойдуга, спорка таптал иэйиитэ күөдьүйүө диэн эрэнэбит, — диэн эттэ.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: