«Триумф» киинэни көрөн баран санаалар

«Триумф» киинэни көрөн баран санаалар

Ааптар:
23.10.2024, 20:05
Хаартыска: афиша
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ М. Лукачевскай «Триумф» диэн киинэтэ киэҥ араҥаҕа таҕыста. Чулуу бөҕөстөрбүт 1976 сыллааҕы Олимпиадаҕа кыайыылара саха норуотун аар-саарга аатырдыбыт өрөгөйө буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсэнэ туруо. Ол онно бу киинэ уһуллубута көмүс сэргэ кэриэтэ буолуо — чулуу дьоммут ааттарын үйэтитэр айымньы буоллаҕа.

Олимпиадаҕа күүрүүлээх хапсыһыы итэҕэтиилээх

Оператор үлэтэ киинэҕэ ураты тэтими, эрчими биэрбит. Хапсыһыы сытыы, үрдүк күүрүүлээх түгэннэрин бэркэ табан көрдөрдүлэр. Аныгы тиэхиньикэ кыаҕын толору туһанан ол хапсыһыылар толору стадионнарга буолбут тыыннара илэ бэриллибит. Онон артыыстар тустууну толору баһылаабыт курдук бэркэ көстүбүттэр. Олимпиадаҕа күүрүүлээх хапсыһыы итэҕэтиилээх.
Улуу тренер Коркин Д.П. майгытын-сигилитин бары сэргиир артыыспыт И. Луковцев бэркэ оонньоон арыйда. Олимпиецтар оҕо эрдэҕинээҕилэрин талааннаах оҕолор олус оҕолуу холкутук оонньоон үөртүлэр.

Киһи быһыытынан уратылара киинэҕэ толору арыллыбатах курдук

Ол эрэн киинэ аатыгар ыйыллыбыт өрөгөйү толору арыйбата. Ол төрүөтүнэн хас эмит туспа хайысхаҕа аралдьыйыыттан. Ол курдук, сценарий быһыытынан киинэ Д.П. Коркины кытары бииргэ үлэлээбит К. Постников ахтыытыттан ситим тардар. Киинэ бу К.Постников Коркин туһунан «Күүс кыайарынан, сүрэх баҕатынан…» диэн кинигэтэ тахсыбытынан, «Суруллубут — суоруллубат!» — диэн хабааннаахтык түмүктэннэ. Хайдах эрэ болҕомтону, суолтаны ол кинигэҕэ туһаайыы баар курдук.
Сахаачча туһунан, дьиҥэр атын драма уһуллуон сөп этэ. Төһө да бу эрэллээх хаарыан эдэр тустуукпут быстахха былдьанан саха дьоно хараастан аһыйдар, чопчу бу киинэҕэ Сахаачча туһунан олус элбэх түгэн киирбитэ киинэ сүрүн кирбиититтэн туоратар. Аны туран кырачаан Павлик убайа быраатын мүһэтин былдьаан баран туох да улахан төрүөтэ суох куота-көтө сырытта. Ол тухары туох эмит сонун кэпсэтии, алтыһыы, ини биилэр сыһыаннара, бу убайа Павел Пинигин дьылҕатыгар сабыдыала, дьайыыта көстүбэтэ.

Ол курдук өрөгөйү аҕалбыт бу чулуу үс тустуукпут ис бэйэлэрэ, киһи быһыытынан уратылара киинэҕэ толору арыллыбатах курдук. Бары да билэн олордохпут дии ол Олимпиадаҕа кыайыы өрөгөйүн. Ол эрээри туох-хайдах дьон ол чыпчаалы дабайбыттарай, кинилэр успуортка аартыктара хайдах этэй диэҥҥэ эппиэттииргэ сыал турбатах эбит буоллаҕа. Дьиҥэр бу курдук ыйытыктарга хоруй киинэ иитэр-үөрэтэр суолтатын күүһүрдүөх эбитэ буолуо. Бэл успуорт эйгэтигэр тэҥҥэ буһа-хата сылдьар дьон, ардыгар, этэллэр эбит этэ дии: «Ол олимпиецтар диэн олоҕу билбэт халлааҥҥа олорор дьон буоллахтара»,- диэн. Онуоха номоххо кэпсэнэринэн Александр Иванов ол үөлээннээҕэр хоруйдаабыт: «Онтон ол халлааҥҥа олорорго, ол үрдүгү сыраҕын-сылбаҕын ууран дабайан тахсыахха наада ээ».
Хайа баҕарар киһини туох эмит түгэн, дьайыы кини дьиҥ туругун көрдөрөр. Дьиҥэр, бу олимпиецтар тустарынан баар үгүс кинигэни аахпыттара буоллар, устааччылар бэрт элбэх көрүдьүөс да, олимпиецтар дьылҕаларыгар дьайбыт үгүс түгэни булан киинэни байытыахтарын сөп этэ. Холобура, ити киинэҕэ Саша Ивановы тоҕо «казах» диэбиттэрин суолта биэрэн чопчулаан киинэҕэ киллэриэххэ сөп этэ. Ол курдук, биир үксүн Александр Иванов онно даҕаны дьонум-сэргэм, доҕотторум туһа диэн бэйэтин иннин хайыммакка хааллаҕа. Кинини Белоруссияҕа ыҥырбыттарын, доҕотторбун холбуу ылбатылар диэн Казахстаннарга бэйэтин ирдэбилин ситиһэн кини хас да доҕоро кинини кытары бииргэ үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэннэр, билигин Саха Сирэ хас эмэ ааттаах-суоллаах тренердэрдээхпит. Ол эрэн Казахстаҥҥа дьарыктаабыт тренерэ көһөн хаалбыт эбит. Ол курдук Александр Иванов тириэньэрэ суох хаалар.

Ол ыраах 1976 сыллааҕы өрөгөйбүт, дьиҥэр, Роман Дмитриев доруобуйатын айгыраппыт улахан балыыр аргыстааҕа. Аан дойду көбүөрүгэр бу курдук атаҕастаныам диэбэтэҕэ чуолкай. Кинигэлэргэ ыйыллыбытынан Роман Дмитриев иккис кыһыл көмүс мэдээли ылыаҕын судьуйалар балыйан туран көмүһү Болгария бөҕөһүгэр Хасан Исаевка биэрбиттэрэ. Ол онно Роман Дмитриев кураанахсыйбыт залга өөр да өр соҥуоран олорбут. Бу түгэни киинэҕэ олус бэркэ көрдөрүөххэ сөп этэ. Үксүгэр эр дьону, буолаары буолан күүстээх-уохтаах эр дьону өрүү бөҕө курдук саныыбыт. Ону баара эр дьон да ардыгар ытыыр эбээт: харах уута, баҕар, тахсыбатын, дууһатыгар ытыыр…

Олимпиецтар бары дойду араас муннуктарыгар араас омук дьонун кытары алтыһан сырыттахтара дии. Ол онно төһөлөөх дьон болҕомтотун тардыах иитэр-үөрэтэр да суолталаах, көрүдьүөс да түгэннэр дэлэй буоллахтара. Бу эмиэ киинэни байытыа хаалбыт.
Бу бэлиэтээһиннэрбин аахсыбатахха, олус сэргэх, тэтимнээх, киһи сүргэтин көтөҕөр киинэ.

Антонина Ускеева.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: