«Триумф» спортивнай комплекс күрэхтэһиилэргэ уонна ыалдьыттары көрсөргө бэлэм
Cуруналыыстар «Азия оҕолоро» VIII оонньуулар эбийиэктэрин тутууларын хаамыытын билсэр кэммитигэр «Триумф» спортивнай комплекска номнуо өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн эрэрэ.
Ол курдук, хомунаалынай тиһиги: кырааны, насоһу, турбаны, уунан хааччыйар тэрили уларытыы — үлэ барыта бүппүт.
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дириэктэрэ Михаил Пахомов бэлиэтээбитинэн, комплекс 2012 сыллаахха үлэҕэ киириэҕиттэн бастакы хапытаалынай өрөмүөнү ааспыт. Сүрүн эбийиэк — тустуу саалатын өрөмүөнэ бүтэн, спортсменнары күүтэн турар. Тустуу буолар спортивнай саалатын өрөмүөнэ эмиэ кэмигэр түмүктэммит.
Бу туһунан сиһилии Михаил Пахомов маннык иһитиинэрдэ:
Сүрүн спортивнай саалаҕа тустуу бары көрүҥнэрин күрэхтэһиилэрэ буолуоҕа.
Михаил Пахомов биир сонун эбийиэги көрдөрөн сөхтөрдө. Ол — ааттаах-суоллаах спортсменнарга анаан, нууччалыы эттэххэ, «ВИП-раздевалка» диэн анал хос оҥоһуллубут.
Суруналыыстар бу анал сынньанар хоһу олус сэргээбиппитин көрөн, Михаил Пахомов салгыы сиһилии быһаарда:
Бэс ыйын 22 күнүттэн саҥардыллыбыт гостиницаҕа күрэхтэһиилэр кыраапыктарынан сөп түбэһиннэрэн, суудьуйалар кэлэн олоруохтаах хосторо эмиэ толору бэлэм:
Остолобуойу эмиэ саҥардан, тупсаран оҥорбуттар. Манна оонньуулар кэмнэригэр кыттааччылары таһынан, ким баҕалаах эмиэ киирэн үссэниэн сөп эбит.
Ити курдук, «Триумф» спортивнай комплекс иһэ эрэ буолбакка, тас көстүүтэ эмиэ тупсарыллыбыт.
Бэс ыйын 20 күнүн чугаһыгар анал хамыыһыйаҕа спортивнай эбийиэктэри барыларын туттарыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: