Тромболизиһы быраастар ыраахтан хонтуруоллааһыннарынан туһаныахха сөп

Share

 Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа-Суһал мэдиссиинискэй көмө киинигэр ааспыт сыл бүтүүтэ Тымыр эрэгийиэннээҕи киинин иһинэн үлэлиир телетромболизис сүрүн киинэ аһыллыбыта.

Санатан эттэххэ, былырыын балыыһаҕа РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан сүрүн невролога, бэрэпиэссэр Николай Шамалов салайааччылаах РФ  Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин неврологтарын биригээдэтэ кэлэ сылдьыбыта.   Онно Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа  быраастарыгар телетромболизиһы туһаныыга маастар-кылаас ыытыллыбыта.

— Билигин ТелеПСО ситимин оҥоруу көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, чуолаан эмтэнээччилэр олорор сирдэригэр  үрдүк технологиялаах мэдиссиинискэй көмө табыгастаах буолан иһэр, — диэн  СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин  мэйиигэ хаан эргиирэ кэһиллиитин кытары үлэҕэ кылаабынай исписэлииһэ, мэйиигэ хаан эргиирэ кэһиллиитин отделениетын сэбиэдиссэйэ  Саргылана Шарина иһитиннэрдэ. —  Тромболитическай терапияны оҥорорго  онуоха бэриллибит көмүс  бириэмэни мүччү туппат буолуу (инсульт саҕаланыаҕыттан 4,5 чаас) олус суолталаах. Оттон Саха сирин географията уратылааҕынан, нэһилиэнньэлээх пууннара ыраах сыталларынан, тромболизис олус наадалаах. Тромболизиһы Дьокуускайга ыарыһаҕы тириэрдэргэ  күндү бириэмэни сүтэрбэт туһугар миэстэтигэр тутталлар. Онуоха тэлэмэдиссиинэ көмөҕө кэлэр. Тромболизиһы Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа нейрореанимациятын быраастара ыраахтан хонтуруоллааһыннарынан оҥоруохха сөп. Сүрүнэ, улуустааҕы балыыһаҕа көмпүүтэр томограба, невролог, дьуһуурунай терапевт, реаниматолог уонна телеконсультацияҕа кыайан киирэр кыах баар буолуохтарын наада.  Ол гынан баран, улуус балыыһаларыгар барыларыгар невролог-быраастар баар буолбатахтар. Ол иһин, бу процедураны сүрүннээн терапевтар реаниматологтары кытары оҥороллор. Онтон бастакы көмө оҥоһуллубутун кэннэ ыарыһах салҕыы эмтэнэригэр, доруобуйатын чөлүгэр түһэрэригэр Дьокуускайга аҕалыахха сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

5 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago