Туһалаах куурус буолла

Share

Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэр педагогическай үлэһиттэригэр Аллараа Бэстээххэ идэни үрдэтэр куурус ыытыллыбыт.

Барыта 58 киһи кыттыыны ылбыт. Кууруска сылдьыбыт педагогтар санааларын суруйбуттара бу үс күҥҥэ ыытыллыбыт үөрэх чахчы кэмигэр, дириҥ ис хоһоонноохтук, уһуйаан иитэр-үөрэтэр үлэтин бары хайысхаларын хабан ыытыллыбытын бигэргэтэр диэн улууска оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бэлиэтээбиттэр. Бу туһунан СӨ үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин саайтыгар сырдыталлыбыт.

Ол курдук, Төҥүлүтээҕи “Олимпионик” оҕону сайыннарар киин сүрүннүүр иитээччитэ С.Шестакова:
—Мэҥэ Хаҥалас иитээччилэригэр федеральнай үөрэх бырагырааматын былааҥҥа киллэрэн быраактыкаҕа туһаныы тула куурус буолан ааста. Кууруһу Ольга Иннокентьевна Михалева салайан ыытта. Үлэбитигэр баар ыарырҕатар өрүттэрбитин араас өттүттэн көрөн быһааран, сүбэлээн биэрдэ. Бөлөхтөрүнэн арахсан эдэр да, уопуттаах да педагогтар өйдүүллэригэр  үөрэтэр технологиялары туһанан, айымньыны ырытан, оҕо тылын сайыннарар ньымалары көрдөрөн, куурус материала толору тиийэригэр киэҥ үлэ ыытылынна. Бу олус туһалаах куурус педагогтары айымньылаах үлэҕэ көҕүлүөҕэ диэн эрэнэбит.
М.Тастыгина, Харатааҕы «Кэрэчээн» оҕо саадын сүрүннүүр иитээччитэ:
—Алтынньы ый 8-10 куннэригэр Аллараа Бэстээх АйТи куб уораҕайыгар үс күннээх, сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох кууруска үөрэннибит. Куурус билиҥҥи ФГУөс ФҮөП ирдэбилигэр туһаайыллыбыт сүрүннүүр докумуоннарбытыгар аналлаах ис хоһоонноох буолла. Ону таһынан тыл сайдыытыгар араас хайысхалаах үлэнэн хамаанданан  үлэлэстибит. Кууруһу иилээн-саҕалаан ыытта өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт дириэктэрин солбуйааччы, педагогическай билим кандидата Ольга Михалева.  Үс күн устата үөрэхпит теоретическай уонна практическай хайысхалаах ааста. Ол курдук бу куурус иитээччилэргэ уонна сүрүннүүр иитээччилэргэ сүрдээх туһалаах диэн бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Үлэбит уопсай идеята иитии уонна сыһыан хайысхатыгар туһаайыллан истээччилэр элбэх билиини, үлэбитигэр элбэх туһалаах сүбэлэри ыллыбыт. Ольга Иннокентьевнаҕа маннык сэргэх, биһиэхэ үлэһии сылдьар дьоҥҥо  наадалаах кууруһу кэлэн ыыппытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит, үлэбитигэр элбэҕи саҥаны киллэрэн туһаныахпыт диэн эрэллээхпит.
Майатааҕы «Мичил» оҕону сайыннарар киин сүрүннүүр иитээччитэ В. Захарова:
—Уһуйаан үлэһиттэригэр анаан «ФОП ДО: практические аспекты реализации» диэн туһалаах үөрэх буолан ааста.
Кыттыыны ыллылар Мэҥэ Хаҥалас уһуйааннарын иитээччилэрэ, методистара. Түһүлгэни педагогическай наука кандидата Ольга Иннокентьевна Михалева,  С.Н.Донской-II  аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт дириэктэрин солбуйааччыта салайан ыытта. Ол курдук сүрүннүүр чааһа практическай үлэнэн ыытылынна. Кыттааччылары бөлөхтөргө араартаан оонньуу быһыытынан ыытыллыбыта олус интириэһиргэттэ. Иитээччилэр ыйынньыктарын, босуобуйаларын тула уонна да атын тиэмэлэргэ методическай көмө ылан билиилэрин кэҥэттилэр. Инникигэ оҕону иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр тирэбил оҥосторго элбэх билиини, саҥа ньыманы туһанарга уопут ыллыбыт.
Баатаратааҕы «Кэскил» оҕо саадын иитээччитэ М. Попова: 
—Бу үс күннээх тыл сайдыытыгар анаммыт, ФОП ирдэбилигэр сааһыламмыт олус кэрэхсэбиллээх кууруска сылдьаммыт иитээччилэр олус элбэҕи биллибит, үлэбитигэр туһалааҕы иҥэриннибит. Ольга Инокентьевна ураты көрүүтэ, үөрэххэ сатабыла биһигини айымньылаах үлэҕэ кынаттаата. Бу курдук анал сааһыламмыт, иитэр-үөрэтэр үөрэхтэри биһиги улууспутугар кэлэн үөрэтиэҕэ, кэпсиэҕэ диэн эрэнэ, кэтэһэ, махтана хаалабыт.

Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэр үлэһиттэрэ,

Мэҥэ Хаҥалас.

СӨ үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин саайтыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

10 минут ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 22-29 күннэрэ)

ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруо­руммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

13 часов ago