Туһалыыр дуу, тууйар дуу “Натааһалар”

Туһалыыр дуу, тууйар дуу “Натааһалар”

09.11.2024, 18:00
“Натааһанан” сабыллан турар массыына иһигэр киирэн олоруллубат. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Массыынабын “Натааһа” суорҕан-гарааһынан бүрүйэн, турбатыгар сылаанга  кэтэрдэн хонноро хаалларбытым. Арай сарсыарда оҕобун оскуолаҕа илдьээри эрдэ собуоттаан баран тахсыбытым, турбам сылаангатын устан туора бырахпыттар, ол түмүгэр суорҕан гарааһым турбабын бүөлээн кэбиспит. Массыынам иһэ барыта гаас…

Тааттаҕа тахсыбыт иэдээн

Кыстык ыган кэллэҕинэ, массыынаҕа гараас кыһалҕата кыһарыйар. Киһи эрэ барыта дьиэтин таһыгар гараастаммат. Ол курдук, 2011 сылтан норуокка “Наташа” диэн аатынан киэҥник биллэр суорҕан-гараас­тар үөдүйбүттэрэ. Аан бастаан Бурятияҕа туттан саҕалаабыттара.  Кыһын кыһары­йар кыһалҕатын быһаараллар,  тиэнэ да сылдьарга, суулаан да уурарга арай судургу курдук. Ол эрээри…

Бу күннэргэ Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ дьиэлэрин тиэргэнигэр “Натааһа” гарааска тумнастан эдэр ыал суорума суолламмыт ынырык сонуна өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ. Эдэр дьон массыыналарын собуоттаан баран үлэлэригэр бараары тахсыбыттар. Массыына турбатыгар сылаанга кэтэрдиллэ сылдьыбыт. Эдэр ыал массыыналарын иһигэр олорбутунан угаардаан өлбүттэр. Үс кыра оҕо тулаа­йах хаалбыт.

«Гараас куортамныыр кыаҕа суох дьон кыһалҕаларын быһааран олордохторо. Маннык гарааһынан массыынатын бүрүйэр киһи сэрэхтээх буолуохтаах»

Онон суорҕан-гараастары хому­йан, суулаан баран хайаан даҕаны массыынаны салгылатар наадатын умнумаҥ. Аҕыйах мүнүүтэ киһи дьылҕатын быһаарарын умнумаҥ.

“ДСК” оройуонугар эстибит массыына

2022  сыллаахха Дьокуускай куорат “ДСК” оройуонугар суорҕан-гарааһынан сабыллан турбут массыына эстибитэ. Ити сыл уопсайа итинник бүрүллэн туран икки массыына эстибитэ биллэр, пропан-бутан диэн гаас уматыгынан сапыраапкалана сылдьыбыттар. Эспиэртэр бэлиэтииллэринэн, гаас быыһылыыр түгэнигэр барыта суорҕан-гараас анныгар мустар. Кыра да кыымтан гаас эстэр кутталлаах. Холобур, түүн массыына собуоттаннаҕына, мунньуллубут гаастан эстии тахсыан сөп диэн бэлиэтииллэр эспиэр­дэр.

Ырыынакка “Натааһа” арааһа атыыланар. Сыана массыына кээмэйиттэн тутулуктаах. Ол курдук, кыра массыыналарга –10-12 тыһыынча солкуобайга атыылаһыахха сөп, орто кээмэйдээхтэргэ –12 тыһыынчаттан саҕалаан. Чэпчэки сыанаҕа эрдэ туттулла сылдьыбыт «гарааһы» дьонтон атыылаһыахха сөп.

Доруобуйаны эмсэҕэлэтэр бэссэстибэ

Тыйыс тымныылаах Саха сиригэр туох барыта тоҥор. Ордук тиэхиньикэ эмсэҕэ­лиир. –40-45 кыраадыс тымныыга массыынаны дьиэ, үлэ таһыгар собуоттаабакка туруордахха, мотуора, көлүөһэлэрэ тута тоҥон, собуоттанара да уустугурар. Оттон өрүү собуоттанан турдаҕына, уматыкка орос­куот буолар. Ол эрээри киһи эрэ барыта 15-25 тыһ.солк. гараас куортамнаан массыынатын сүүрдүбэт. Оттон суорҕан-гарааһы сөптөөхтүк саба, суулуу, куурда сырыттахха, туһата баһаам. Түүн устата халлаан төһө тымныытыттан тутулуктанан массыына суорҕан-гараас анныгар хаста да собуот­танар. Учуонайдар быһаарбыттарынан,  тымныыга собуоттаннаҕына, сүүрэ сылдьарынааҕар хас эмит төгүл элбэх гааһы таһаа­рар эбит. Турбатын саба бүрүйдэххэ, киһи гаас сытыгар тумнастыан да сөп. Бу гаас састаабыгар бензоапирен диэн киһи тыҥатыгар куһаҕан дьайыылаах бэссэстибэ баар. Массыынаҕа олорсон, ыытан иһэр киһи бары онон тыынар. Тоҕо диэтэххэ, маннык гаас икки миэтэрэттэн үөһээ тахсыбат, салгыҥҥа иҥэн хаалар. Онон тиэргэҥҥэ “Натааһалаах” массыыналар бары куһаҕан бэссэстибэни таһаараллар.

САНААЛАР

Александр Рожков, суоппар, Дьокуускай куорат:

– Суорҕан-гарааска массыынаны кыстатыахха сөп. Дьонтон иһиттэххэ, сотору-сотору дьиэҕэ киллэрэн куурдуохха наада үһү. Оннук куурдубатахха, массыынаҕа сиик үөскүөн сөп. Бэйэм чааһынай дьиэ­ҕэ олоробун, онон тутта иликпин.

Дмитрий Алексеев, суоппар:

– Массыынаны биһиги кыһыммытыгар суорҕан-гарааска туруорар улахан куттала суох. Ол эрээри турбатын суорҕан саба бүрүйэр түгэнигэр, гаас мустуон сөп. Сиигирэр даҕаны. Улахан тымныыларга гараас куортамнаан туруорбут ордук дии саныыбын.

Айаал Семенов, ыраах айан суоппара:

– Массыына түннүктэригэр иккис хос таас  олортоххо, мотуорун суорҕанынан, болльоҕунан бүрүйдэххэ, тоҕо суорҕан-гараас анныгар кыстыа суоҕай? Түүн хаста даҕаны собуоттанар, мотуор үлэлиэхтээх. Арай ити кэлиҥҥи кэмҥэ Таатта улууһугар тахсыбыт дьон угаар­даан өлбүт быһылаанын кэнниттэн дьон сэрэхэдийиэн сөп. Оттон турбаттан сылаанганы ким да туура тэппэтэҕинэ, гаас тоҕо киириэй?

Юлиана Николаева, Хаҥалас улууһа, суоппар:

– 2012 сылтан, суоппар быраабын ылыахпыттан массыына ыытабын. 2020 сылтан массыынам “Натааһа” гарааһынан сабыллан кыс­таан турбута. Биһиги килиимэппитигэр абыраллаах тэрил дии саныыбын. Гараас куортамныыр кыаҕа суох дьон кыһалҕаларын быһааран олордохторо. Маннык гарааһынан массыынатын бүрү­йэр киһи сэрэхтээх буолуохтаах. Бу таҥас буоллаҕа дии. Уһун кыһын устата тоҥор, сиик бөҕө үөскүүр. Массыына туран эрэ собуоттанар. Ол собуоттаннаҕына, үөскээбит сиик ирэр. Массыына сиигирэр. Куурдубакка сырыттахха, массыына таһа онон-манан хайдыбыт­таах буоллаҕына, дьэбиннириэн да сөп. Сэрэхтээҕэ диэн, түүн собуоттанар эрэсиимҥэ холбоотоххо, салгынын иһиттэн ылларар гына хол­буохха наада. Иномарка массыыналарга оһоҕо үлэлииригэр салгыны иһиттэн дуу, таһыттан дуу ылар диэн баар. Салгыны иһиттэн ылар буоллаҕына, иһинээҕи салгыныттан ылан үлэлиир оһоҕо. Оччоҕуна (выхлопной гаас) гаас сыта массыына иһигэр киирбэт. Оттон таһыттан ылар буоллаҕына, собуоттанан турбут кэмигэр гааһын барытын иһирдьэ киллэрэ турар буолар. Оччоҕо угаар киирбэт. “Натааһанан” сабыллан турар массыына иһигэр киирэн олоруллубат, бары ону билэбит. Угаар диэн мас, таас гараастар да истэригэр сэрэхтээх. Ол иһин массыынаны собуоттаан баран оборуота тэҥнэстэ да таһырдьа таһаарыллыахтаах. Онно тахсан салгыы сылыйыахтаах.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: