«Туймаада» ансаамбыл госпиталь эмтэнээччилэрин сүргэлэрин көтөхтө (видео)

Share

“Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл  эр  дьонун састааба Казань куоракка “Арҕааҥҥы остуоруйа”  норуоттар икки ардыларынааҕы 42-с куонкурус-бэстибээлгэ кыттан, “Норуот вокала” номинацияҕа Кылаан бирииһи  ылбыта.

Куонкурус алтынньы 28-30 күннэригэр Елена Образцова Муусука аан дойдутааҕы академиятын өйөбүлүнэн ыытылынна. Манна Арассыыйа араас эрэгийиэниттэн  үҥкүү кэлэктииптэрэ, вокалистар уонна вокальнай ансаамбыллар кытыннылар.

Гран-при ылбыт биһиги артыыстарбыт 2023 сыл кулун тутарыгар  Fossart култуура уонна ускуустуба салаатыгар аан дойдутааҕы 3-с бириэмийэ айар күрэҕэр (сүрүн бириис – 1 мөлүйүөн солкуобай)  ыҥырылыннылар.

Кыайыы көтөллөммүт судаарыстыбаннай  ансаамбыл бэстибээл кэнниттэн, сэтинньи 2 күнүгэр  РФ Оборонаҕа министиэристибэтин академик  Н.Н.Бурденко  аатынан кылаабынай байыаннай-килиниичэскэй госпитальга  анал байыаннай эпэрээссийэ кэнниттэн эмтэнэ сытааччыларга уонна мэдиссиинискэй үлэһиттэргэ  кэнсиэрт көрдөрдө.

«Саха сирэ бүттүүнэ биһиги дойдубутун уонна оҕолорбут, сиэннэрбит эйэлээх олохторун көмүскүүр биир дойдулаахтарын өйүүр. Хас биирдии киһи уопсай дьыалаҕа бэйэтин кылаатын киллэрсэр. Ити барыта  байыастар бойобуой өйдөрүн-санааларын булгуччу өрө көтөҕөрүгэр Саха сирин дьоно эрэнэр”, — диэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев эттэ.

“Туймаада” ансаамбыл нууччалыы уонна сахалыы киэҥник биллэр ырыалары толорууларын көрөөччүлэр олус истиҥник ылыннылар. Бу күннэргэ госпиталь бэһис салаатыгар Саха сириттэн төрүттээх биир саллаат эмтэнэ сытар. Киниэхэ уонна да атын эмтэнээччилэргэ ансаамбыл кыттыылаахтара  Саха сиринээҕи технология уонна дизайн кэллиэһин устудьуоннара ыыппыт харысхалларын бэлэхтээтилэр. Онтон Саха сирин Москватааҕы бэрэстэбиитэлистибэтэ байыастары Саха сирин отонуттан оҥоһуллубут битэмииннээх муоруһунан уонна минньигэс аһынан күндүлээтилэр.

Бурденко аатынан госпиталь бэрэстэбиитэлэ Владимир Поляков ансаамбыл артыыстарыгар уонна Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ кэнсиэри тэрийбиттэригэр махтанна. Санатан эттэххэ, бу иннинэ манна Саха сириттэн “БалАнс” ансаамбыл ыалдьыттаан барбыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago