«Туймаада» ансаамбыл улахан гостуруолга турунна (видео)

Share

«Туймаада» судаарыстыбаннай ансаамбыл алтынньы 25 күнүттэн гостуруолга айаннаата. Саха көрөөччүтэ сүгүрүйэр, таптыыр артыыстара гостуруол чэрчитинэн,  Москваҕа Бурденко аатынан госпиталга сылдьыахтара. Манна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ бааһырбыт байыастар эмтэнэллэр.

Кэлэктиип барыан  иннинэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприяновтыын көрүстэ. «Билигин Саха сирин бары олохтоохторо, араас салаа үлэһиттэрэ «Биһиги бииргэ» уопсай аахсыйаҕа кытталлар. «Туймаада» ансаамбыл артыыстара Москваҕа госпиталларга тиийэн саха ырыатын күүһүн иһитиннэриэхтэрэ. Кинилэр ырыаларыгар итэҕэл, бэриниилээх буолуу тыына, дойдуга таптал уо.д.а. тиэмэлэр элбэхтэр.  Биһиги хомуурга түбэспит ыччаттарбытын кытары бары кыайыы туһугар биир дьыаланы оҥоробут», -– диэтэ миниистир.
«Туймаада» ырыаһыттара госпиталларга сылдьан, бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт буойуттар санааларын көтөҕүөхтэрэ, ылбаҕай ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ. Дойдуларын көмүскүү сылдьар буойуттарга Дьокуускайдааҕы дизайн училищетын устудьуоннара оҥорбут харысхалларын тириэрдиэхтэрэ.
Эрдэ былааннаммытын курдук,  алтынньы 26-27 күннэригэр «Туймаада» ансаамбыл Саха сирин виртуоз-хомусчуттарын кытары түүр норуоттарын «Восточный базар в Казани» эстрада норуоттар икки ардыларынааҕы бастакы бэстибээлигэр кыттыаҕа.
Бу бэстибээл Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ф.Х. Мухаметшин таһымыгар, татаар култууратын Вагапов аатынан уопсастыбаннай пуондатын тэрийиитинэн буолар.
Алтынньы 28-30 күннэригэр «Туймаада» ансаамбыл эр дьонун састааба «Илиҥҥи остуоруйа» аан дойдутааҕы куонкурус-бэстибээлгэ кыттыаҕа. Манна Алтайтан, Башкирияттан, Чувашияттан, Турцияттан, Казахстантан, Хакасияттан, Крымтан, Тываттан, Туркменистантан, Таджикистантан, Кытайтан, Гагаузияттан, Кавказтан, Узбекистантан уонна Саха сириттэн түүр тыллаах ырыаһыттар айар талааннарын билиһиннэриэхтэрэ.

Бэстибээл бочуоттаах ыалдьытынан «Ялла» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл буолуоҕа.

Онтон сэтинньи 8 күнүгэр Москваҕа Муусука аан дойдутааҕы дьиэтигэр САССР  100  уонна «Туймаада» ансаамбыл тэриллибитэ 35 сылларыгар аналлаах «Олоҥхо сирин ырыата» улахан бырааһынньыктааҕы кэнсиэри бэлэх уунуохтара.
Артыыстарбытыгар умнуллубат айаны, ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

1 минута ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

1 час ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago