Салгыы
Туймаада хочотун киэҥ туонатыгар ытык ыһыах ыһылынна

Туймаада хочотун киэҥ туонатыгар ытык ыһыах ыһылынна

Ааптар:
24.06.2023, 14:04
Хаартыска: Егор Карпов.
Бөлөххө киир:

Туймаада ыһыаҕын өрөгөйдөөх арыллыыта бары улуустартан баайыллан кэлбит саламалары 99 ытык сэргэлэргэ иилииттэн саҕаланна.

Түһүлгэҕэ мустубут дьон иннигэр өрөспүүбүлүкэ бастыҥ учуутуллара сиэлэ хаамтылар. Бу кэнниттэн бары айыылары ааттаан Алгыс этилиннэ. Биллэриллибитин курдук алгыс бу сыл учуутал уонна уһуйааччы сылыгар уонна Саха халандаарынан Айыы Дьөһөгөй сылыгар ананна. Итиэннэ байыанна эпэррээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытын айыылар араҥаччылыылларыгар көрдөһүү-ааттаһыы тыллара этилиннилэр.

Ыһыаҕы арыйар Ытык туоҕа бэлиэни Саха сирин үтүөлээх үлэһитэ Николай Лепчиков Туймаада хочотугар турар Дьокуускай куорат салайааччытыгар Евгений Григорьевка туттарда.

Ыһыаҕы арыйар тылыгар Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылларга улуу сэрии кэмигэр туруулаһан кыайбыт өбүгэлэрбитин санатта уонна билиҥҥи дьалҕааннаах, улахан уларыйыылары ааһа турар кэмҥэ бииргэ сомоҕолоһон кыайыыга дьулуһарга ыҥырда. Алгыска этиллибит араҥаччылыыр тыллар куйаар нөҥүө тиийэн байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарбытын көмүскээтин диэн баҕа санаатын эттэ.

Тылын түмүгэр Ил Дархан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ – бэҕэһээ Мииринэй куоракка Ануфриевтар дьиэ кэргэттэригэр кыыс оҕо төрөөбүт. Бу 4 киилэ 4100 гр. ыйааһыннаах 56 см үрдүктээх кырачаан кыыс өрөспүүбүлүкэбит мөлүйүөннээх олохтооҕо буолбут!

“Биһиги биир мөлүйүөн ахсааннаах өрөспүүбүлүкэ буоллубут! Сахабыт сирэ биир саамай тэтимнээхтик сайда турар Арассыыйа эрэгийиэнэ буолар! Эрэнэбин, өссө даҕаны салгыы сайда туруохпут! Саха сирэ – иннибит диэки!”, — диэн тылларынан Ил Дархан тылын түмүктээтэ.

Бу кэнниттэн Кытай генеральнай консула Цзян Сяоя сахалыы “Нөрүөн нөргүй!” диэн эҕэрдэлээн, ыһыахха кэлбититтэн үөрбүтүн биллэрдэ. Арассыыйа Дьоруойа Александр Колесов бииргэ түмсэн дойдубутун кыайыыга тиэрдиэххэ диэн эттэ.

Ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта оһуохайынан түмүктэннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 4°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: